Бүгүн — Саха сирин былааҕын күнэ.1992 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр 1158-XII нүөмэрдээх Ыйааҕынан бигэргэммитэ. Ыйаах 1159-XII нүөмэрдээх ыйааҕынан ылыныллыбыт. Бу күн былаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин дьиэтин үрдүгэр Арассыыйа Федерациятын былааҕын кытта сэргэстэһэ күөрэйбитэ.
ДОЙДУБУТ БЫЛААҔА
Дойдубут былааҕын күнүнэн
Киэн тутта күөрэччи тутуоҕуҥ!
Былаахпыт анныгар мустуоҕуҥ
Бары биир санаанан тыыныаҕыҥ!
Түөрт чээлэй өҥнөрө кэпсииллэр
Күөх халлаан анныгар олох баар:
Үп-үрүҥ күдэрик тымныылыын
Хатыйсар тулуурдаах сахалар.
Элбэх да омуктуун алтыһан
Эйэлээх олоҕу түстүүллэр,
Томороон тымныыга да тоҥмот
Көҕөрө чэлгийэр сир баайдаах.
Дойдуга махталлаах, эрэллээх
Ыччаты уһуйа туруоҕуҥ!
Кытара кытыастар кыһыл өҥ
Киэргэтэ курбуулуур былааҕы!
Күөх халлаан күөнүгэр үрүҥ күн
Санаабыт сырдыгын туоһулуур!
Бу саха дойдутун былааҕар
Барыбыт сүрэхпит сорҕото!
Полина-Победа, алтынньы 14 күнэ, 2022 сыл. Дьокуускай
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038