Полина-Победа: «ТАБЫЛЛЫБЫТ КИҺИ»
ТАБЫЛЛЫБЫТ КИҺИ
/Саха сирин бастакы президенигэр М.Е.Николаевка «Норуот хараҕынан»/
Табыллыбыт тас көстүү:
Нуучча, саха ылынар,
Табыллыбыт интеллект:
Улуу, «кыра» алтыһар.
Сэбиэскэйбит үрэллэн
Ыһыллыбыт кэмнэргэ
Дойду муммут дьылҕатын
Илиитигэр ылбыта.
«Тыалар» дэммит дьоннорго
Бэйэтинэн тиийэрэ,
Ааспат чэрдээх ытыстаах
Дьоҥҥо илиитин уунара.
Бүтүн норуот олоҕун
Быһаарсыһан, туруорсан
Арассыыйа таһымар
Таһаарбыта сайдыыны.
Омук сирин ааннарын
Арыйбыта, ыйбыта
Саха сирин Аан дойду
Истибитэ, билбитэ.
Азиябыт оонньуута
Сөхтөрбүтэ омугу,
Санаа мунан бүтүүтэ —
Николаев ситиитэ!
Табыллыбыт куоластаах
Киһи истэ уоскуйар,
Сэмэлиирэ даҕаны
Олус сэмэй, хоп холку.
Талан таба тайаммыт
Талыллыбыт киһитин
Норуот өйдүүр, билинэр
Тиэрдэр МАХТАЛ тылларын!
Полина-Победа
Уус Алдан
13.11.2021с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: