Полина-Победа Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар хоһоон хомоҕой тылларын анаата

Share

Бэҕэһээ, олунньу 10 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 88 сыла буолла. Ол курдук, улуус олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха тэриллибит.

Бу  күнүнэн Үөһээ Бүлүү олохтоохторун  Уус Алдантан төрүттээх  Полина-Победа бэйэтин хоһоонунан эҕэрдэлээтэ.

ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ

Тобуруокап баар буолан
Үөһээ Бүлүүнү көрбүтүм!
Тобуруокап баар буолан
Өрүү сэргиир улууһум!

Тобуруокап баар буолан
Көмүс күһүн онно баар!
Тобуруокап баар буолан
Көмүс күтүөт Намҥа баар!

Көмүс күтүөт баар буолан
Икки сылга хайаан да
Мунньар айар куттааҕы
Ыһар хоһоон хонуутун!

Күннээх түүнү үргүлдьү
Хоһоон ааҕан дуоһуйа
Мустар саха тыллааҕа,
Саха тыынын уһатар!

Үөһэ Бүлүү үүннэрбит
Үгүс үтүө дьоннордоох!
Тобуруокап, Бараахап
Биллэр сүдү ааттардаах!

Үөһээ Бүлүү өссө да
Үүнэ-сайда туруоҕа!
Араас эйгэ аайытын
Норуодунай дьоннордоох!

Билэ-билэ билбэтэх
Тоҕо буола сылдьыамый?
Көрө-көрө көрбөтөх
Курдук тоҕо туттуомуй?

Үөһээ Бүлүү дьоннорун
Хайдах туойбат буолуомуй?
Сөхтүм — тута хоһуйдум!

Уонна хаһан туойуомуй?

Полина-Победа
10.02.2023 с.

Улуус сирин иэнэ 42 тыһ. кв.км, нэһилиэнньэтин ахсаана 21 тыһ. тахса. Улуус соҕуруу өттүгэр Өлүөхүмэ, арҕаа – Ньурба уонна Сунтаар, илин – Бүлүү уонна Горнай, хоту – Өлөөн улуустарын кытта кыраныыссалаһар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһук Илиҥҥэ баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ааттанна

Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…

18 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago