«Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа паарката икки саҥа бөртөлүөттэннэ

«Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа паарката икки саҥа бөртөлүөттэннэ

Ааптар:
08.07.2023, 13:40
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын пресс – сулууспата
Бөлөххө киир:

Маҕаан аэропордугар саҥа Ми-8МТВ-1 бөртөлүөт сүрэхтэниитэ буолан ааста. Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, «Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа икки көтөр суудунаны транспорт судаарыстыбаннай лизинговой хампаанньатыттан хантараагынан ылбыт.

Бөртөлүөттэр суһал санитарнай сорудахтарга, социальнай суолталаах тиэйиигэ-таһыыга, ону таһынан, тыа баһаардарын умулларыыга, дьону көрдөөһүҥҥэ туһаныллыахтара.

«Бүтэһигин маннык бөртөлүөтү 2018 сыллаахха ыла сылдьыбыппыт. “Полярнай авиалиниялар” авиапааркатыгар уопсайа 20 – тэн тахса бөртөлүөт баар, ол иһигэр уон Ми-8 МТВ. Хас биирдии саҥа көтөр суудуна – биһиэхэ улахан үөрүү. Тоҕо диэтэххэ, бу мантан тахсаллар: тыһыынчанан быыһаммыт олохтор, туоннанан таһыллар таһаҕастар, элбэх ахсааннаах умуруоруллубут баһаардар», – диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.

Салгын суудуналара Казань куоратын бөртөлүөт собуотугар оҥоһуллубуттар. 1050 км диэри ыраах көтөрүн туһугар, тиэхиньикэлэр эбии топливо баактара 950 лиитэрэлии ситэриллэн биэрбиттэр. Ханнык баҕарар климатическай усулуобуйаҕа туһаныллаллар: -50-тэн  +50 кыраадыска тиийэ.

Эльдар Садовников

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: