Маҕаан аэропордугар саҥа Ми-8МТВ-1 бөртөлүөт сүрэхтэниитэ буолан ааста. Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, «Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа икки көтөр суудунаны транспорт судаарыстыбаннай лизинговой хампаанньатыттан хантараагынан ылбыт.
Бөртөлүөттэр суһал санитарнай сорудахтарга, социальнай суолталаах тиэйиигэ-таһыыга, ону таһынан, тыа баһаардарын умулларыыга, дьону көрдөөһүҥҥэ туһаныллыахтара.
«Бүтэһигин маннык бөртөлүөтү 2018 сыллаахха ыла сылдьыбыппыт. “Полярнай авиалиниялар” авиапааркатыгар уопсайа 20 – тэн тахса бөртөлүөт баар, ол иһигэр уон Ми-8 МТВ. Хас биирдии саҥа көтөр суудуна – биһиэхэ улахан үөрүү. Тоҕо диэтэххэ, бу мантан тахсаллар: тыһыынчанан быыһаммыт олохтор, туоннанан таһыллар таһаҕастар, элбэх ахсааннаах умуруоруллубут баһаардар», – диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.
Салгын суудуналара Казань куоратын бөртөлүөт собуотугар оҥоһуллубуттар. 1050 км диэри ыраах көтөрүн туһугар, тиэхиньикэлэр эбии топливо баактара 950 лиитэрэлии ситэриллэн биэрбиттэр. Ханнык баҕарар климатическай усулуобуйаҕа туһаныллаллар: -50-тэн +50 кыраадыска тиийэ.
Эльдар Садовников
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…