«Полярные авиалинии» АХ чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарда
«Полярные авиалинии» авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 31 күнүгэр диэри көтүүгэ субсидиялаах билиэттэр атыыга таҕыстылар.
Ол курдук, чэпчэтиилээх билиэттэр 11 хайысханан атыыланаллар:
Дьокуускай — Баатаҕай 9100 солк.
Дьокуускай — Зырянка 11900 солк.
Дьокуускай — Сааскылаах 14600 солк.
Дьокуускай — Орто Халыма 13600 солк.
Дьокуускай — Тиксии 11800 солк.
Дьокуускай — Черскэй 23050 солк. (Орто Халыманан)
Дьокуускай — Белай Гора 13100 солк.
Дьокуускай -Муома (Хонуу) 9900 солк.
Дьокуускай — Уус Куйга 10500 солк.
Дьокуускай — Саккырыыр 9200 солк.
Дьокуускай — Эдьигээн 8800 солк.
Субсидиялаах, ол эбэтэр чэпчэтиилээх билиэтинэн арктическай оройуоннар олохтоохторо (онно пропискалаах дьон) уонна «Земскэй дуоктар», «Земскэй учуутал» итиэннэ олорор дьиэнэн хааччыллар учууталлар, медүлэһиттэр эрэгийиэннээҕи бырагырааматын кыттыылаахтара туһаналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: