“Полярные авиалинии» сылы үчүгэйдик түмүктээтэ

Share

Төһө да сааҥсыйа биллэриллэн, уустук кэм турдар, “Полярные авиалинии” авиахампаанньа производственнай былааны толорууга 2024 сылы үп-харчы өттүнэн үчүгэй көрдөрүүлээх түмүктээтэ.

Бу туһунан СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар кэллиэгийэҕэ «Полярные авиалинии” АХ генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров иһитиннэрдэ.

Производственнай көтүү 7 бырыһыанынан аһара толоруллубут, 154 тыһ. тахса пассажир, ол иһигэр 41 тыһ. киһи субсидированнай билиэтинэн көппүттэр. Хампаанньа суола-ииһэ суох ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай суолталаах 800 кэриҥэ көтүүнү  оҥорбут.

“Ойуур баһаарын умуруорууга, кэтээн көрүүгэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх, 2821 чаастаах көтүүнү оҥордубут, — диир генеральнай дириэктэр. – Ан-26 зондировщик сөмөлүөппүт оҥоһуу ардаҕы аҕалыыга эмиэ күүскэ үлэлээтэ. Авиахампаанньа 1100-тэн тахса санитарнай рейстэри оҥордо”.

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр субсидированнай билиэттэри 2024 сыл таһымынан хаалларарга сорудахтаабыта. Онон авиахампаанньаҕа бүддьүөттэн барыллаан көрүүнэн 600 мөл. тахса солк. бэриллиэҕэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Тропами Победы» – “Дальний Восток – Земля приключений” куонкурус саҥа номинацията

 «Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга полицейскайдар олохтоох киһиттэн 4,5 киилэттэн тахса гашиһы былдьаатылар

Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаар бибилэтиэкэтэ айар дьоҕурдаахтары түмэр

Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар батыйаны оҥорууга Амма улууһун ууһа кыайда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕа: Олоҥхону сэттэ тылынан аахтылар

Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…

4 часа ago
  • Чэгиэн

1 тииптээх саахарынай диабеттаах оҕолор аныгы систиэмэнэн хааччылыннылар

Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…

5 часов ago