Салгыы
Помидор арассаадатын көрүү-харайыы

Помидор арассаадатын көрүү-харайыы

Ааптар:
29.03.2024, 20:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Оҕуруотчуттар үүнээйилэрин сүрүн өттүн номнуо олордубуттара.  Ааспыт сырыыга помидор сиэмэтин, буорун бэлэмниир, олордор туһунан сырдаппыт эбит буоллахпытына, бу сырыыга помидор арассаадатын көрүү-харайыы, эбии аһатыы, ордук умнастарын хайдах сарбыйары кэпсиибит.

Арассаада быгыыта. Сиэмэ тыллан, үүнээйи быкпытын кэннэ бастакы 7—10 хонук устата дьиэ температуратын уонна сырдыгын кытаанахтык тутуһар наада. Куорсун быкта да температуратын күнүскү кэмҥэ 13-160С, киэһэтин 11-130С диэри кыччатабыт. Пленканан сабыытын аһабыт. Дьааһыктарбытын сырдыкка таһаарабыт. Нэдиэлэ буолан баран температураны арыый үрдэтэн биэрэбит 20–22оС, киэһэтин 17–18оС. Көрөн уу кутабыт, сарсыарда кутуллара ордук, уубут булгуччу киһи илиитигэр биллэр сылаас буолуохтаах, ону таһынан муус уута, хаар уута буолара ордук. Тымныы ууну кутар буоллаххытына «чернай ножка» диэн ыарыыга ылларар.

Бастакы 30—35 хонук устата үүнээйигэ 2—3 эрэ төгүл уу кутуллуохтаах. Онтон арассааданы тарҕатан олордуох эрэ иннинэ буора барыта сиигирэрин уонна сымныырын курдук лаппа үчүгэйдик уу кутуллуохтаах.

Иһиккэ көһөрүү. Помидор арассаадата быгарыгар маҥнай 2 күп-күөх үһүн ньолбоҕор сиэмэ өлүүтэ тахсар. Онтон 2-3 дьиҥнээх сэбирдэх тахсыбытын эрэ кэннэ хас биирдии үүнээйини тус-туспа иһиккэ көһөрөҕүт. Помидору көһөрүү улахан уустуга суох эрээри, туһугар элбэх албастардаах. Үүнээйини олордор ыстакааннаах буоргутугар барытын биир кэлим кичэйэн сиигирдэҕит уонна тарбах саҕа модьулаах маһынан үүнээйигитин олордор дьөлөҕөс бэлэмниигит. Маскытынан көһөрөр үүнээйигит силиһин алдьаппат курдук тэйиччи соҕустан түөрэн ылаҕыт. Ыстакаанҥа олордуоххут иннинэ киин силиһин төбөтүн 2-3 мм. кур­дук тыҥыраххытынан быһа тутаҕыт, ону таһынан Корневин диэн биопрепаракка ымньаан эбэтэр суурадаһын оҥордоххутуна (5 гр.  5  л. ууга) буоргутугар дьөлөҕскө кутаҕыт уонна онно уган олордоҕут. Сэрэнэн буорун чиҥэтэҕит. Киин силиһин илиигитинэн быһа тутан ыллаххытына, сүрүн силис түргэнник лабааланар, ол аата элбэх ойоҕос силис үүнэр. Оччоҕуна үүнээйигит элбэх ууну, сөптөөх аһылыгы ылан түргэнник чөлүгэр түһэр уон­на модьутук, үчүгэйдик үүнэр. Ханнык баҕарар саҥа үүнэн эрэр үүнээйини көһөрөргө тимир тэрили туттубат буола сатааҥ, тимир үүнээйигэ куһаҕаннык дьайар.

Өскөтүн үүнээйи сырдыга тиийбэккэ олус уһаабыт буоллаҕына, икки өлүү сэбирдэҕэ тимирбэтин эрэ курдук дириҥник олордуоххутун наада эбэтэр олордорго силиһин арыый үрдүнэн илиигитинэн баттаан тимирдьи уган олордоҕут.

Эбии аһатыы. Үүнээйини ыстакааҥҥа олордон баран 3-7 хонукка биирдэ үчүгэйдик сиигирэр курдук уу кутаҕыт. 12 хонук ааспытын кэннэ эбии аһатыы саҕаланар. Эбии аһылык суурадаһынын маннык оҥороҕут: 10 л. ууга 1 ост. нь. нитрофосканы эбэтэр нитроаммофосканы суурайаҕыт. Бу эбии аһылык оннугар Монофосфат калия (10 л. ууга 1 ост. нь.) туттуохха сөп, мас күлэ (1 ыстакааны 10 л. ууга) эмиэ барсар. Мас күлүн суурадаһынын биир хонук иннинэ оҥоһуллар. Биир үүнээйигэ ыстакаан аҥаара сылаастыҥы суурадаһын сөп буолар.

Иккис эбии аһылыккыт 10-15 хонук ааспытын кэннэ бэлэмнэнэр: 10 л. ууга биирдии остолобуой ньуоска суперфосфат, калий сульфата эбэтэр 10 л. ууга 1 ост. нь. Синьор помидор уоҕурдуу суурайыллар. Нуормата — биир үүнээйигэ толору ыстакаан суурадаһын. Маны таһынан Эпин, Циркон, НВ-101 ыстара сылдьыахха наада. Холобура, Циркон арассаада силистэрин бөҕөргөтөр, сэбирдэхтэрин, үнүгэстэрин үүнүүтүн элбэтэр, иммуннай систиэмэтин бөҕөргөтөр, салгын температуратын хамсааһыныттан тулуйумтуо оҥорор, стресстэн тахсарыгар, хаһыҥтан эчэйиигэ, сэрэтиигэ улахан туһалаах, буомуран туран хаалбыт үүнээйилэргэ саҥа үнүгэс, силис тахсарыгар көмөлөөх. Эхинацея үүнээйи күөх экстрагыттан оҥоһуллубут препарат. Концентрированнай растворунан, ампуланан атыыланар. Ыстарбыт кэннэ 18 чаас иһинэн толору иҥэринэр. Арассааданы көһөрүү кэмигэр олус туһалаах. Эбэһээт үүнээйини ыстарыллар сэбирдэхтэригэр, үнүгэскэ, силиһигэр 5 л. ууга 0.5 гр. (1 ч.нь.) суурайабыт. Нэдиэлэҕэ биирдэ ыстарыллар. Күннээх күнүскү кэмҥэ да ыстарыахха сөп, 2 хааппыланы 1 ыст. ууга суурайыллар.

Үһүс эбии аһатыы 15 хонук буолан баран — 10 л. ууга 1 ост. нь. монофосфат калия эбэтэр 1 ост. нь. Плодородие диэн уоҕурдуу. Биир үүнээйигэ эмиэ толору ыстакаан суурадаһын сөп буолар.

Уу куппуккут кэннэ буоргут чиҥиир, кытаатар буоллаҕына, кыратык кумах, компост эбэн биэриэххитин сөп уонна сөбүн көрөн, үүнээйини таарыйбат курдук сэрэнэн көбүтэн биэрэ сылдьыҥ, сыыс отторун хомуйуҥ.

Саха сиригэр арассааданы дьиэҕэ олордор буоламмыт төһө да түннүккэ үүннэрэ сатаабыппыт үрдүнэн сырдыга тиийбэт. Онон аанньа модьураабакка биир кэм уһуур. Ол түбэлтэтигэр үүнээйи мээнэ уһуурун тохтотоору 5-6 сэбирдэх үрдүнэн умнаһын сарбыйаҕыт уонна сарбыллыбыт умнас төбөтүн хайа быһаҕыт (ойууну көр). Оччоҕуна помидор хас сэбирдэҕин төрдүн аайы сыыйа лабааланар. Аннынааҕы икки сэбирдэх хонноҕор үүммүт лабаа 5 см. уһаатаҕына быһыллар (пасынко­вание). Оттон үөһээ лабаалар үүнэ-модьуруу туруохтаахтар. Быһыллыбыт умнас төбөтүн ууга уган силистэтэн баран буорга олордон улаатыннарыаххытын сөп. Оччоҕуна биир үүнээйиттэн икки арассааданы ылары ситиһэҕит.

Помидор арассаадатын аһаҕас сиргэ олордорго бэлэмнээһин

Арассаада ситэрин диэки, ол аата лабаата син хойуу, умнаһа намыһах уонна модьу буоллаҕына, халлаан температурата +10°-тан намтаабат кэмигэр таһырдьа (теплица, балкон, терраса) көһөрөҕүт. Бастакы үс хонук күлүккэ туруораҕыт. Онтон сыыйа кыра-кыралаан күн уотугар таһаараҕыт. Буора сиигин сүтэрбэтин курдук уу ыһаҕыт. Маннык эрчийдэххэ, помидор салгын уларыйыытын, тыалы, күн уотун, күлүгү тулуйумтуо буола үөрэнэр. Таһырдьа олордоргутугар туох да куттала суох ылсыһан үүнэн-улаатан барарга үчүгэй бэлэми ылар. Арас­саада олордор саҕана 9-12-тэн итэҕэһэ суох сэбирдэхтээх буолуохтаах. Үүнээйи ситэ үүммэккэ хаалан иһэр буоллаҕына эбии аһатыллар, маныаха убаҕас ынах сааҕын 8–10 төгүл элбэх ууга суурайабыт. Итиннэ 10 г. мочевинаны уонна сернокислай калий эбэбит 10 л.  1 ыстакаан суурадыһыны 4 үүнээйигэ кутабыт. Төхтүрүйэн кутуохха сөп.

Үчүгэйдик сиппит-хоппут арассаада таһырдьа тахсарын саҕана кыра соҕус, лаглаҕар, онтуката 7–9 сэбирдэхтээх буолуохтаах, үрдүгэ 20–30 см, ону таһынан бастакы сибэккитин сүүмэҕэ тахсыахтаах (бастакы сибэккитин кистатыгар). Олордо таһаарыах 4-5 хонук иннинэ Эпинынан ыстарабыт (1 л. 1-2 хааппыла эбэтэр борнай кислотанан (1 г. 1 л. ууга). Күннээх кэмҥэ ыстарыллыбат, сэбирдэхтэрин күн уота сиэн сөп (ожог). Эпин. Арассаада үүнэр уоҕун күүһүрдэр, үүнүүтүн түргэтэтэр препарат. Миэстэтин оннун булунан олороругар, истририэстэн, сааскы, сайыҥҥы салгын хамсааһыныттан тулуйарыгар үүнээйини көмүскүүр, хаһыҥҥа оҕустаран ыарытыйыыттан таһаарар. Курааны, тымныы салгын хамнааһынын тулуйумтуо буолар.  Саҥа эчэйиилээх үүнээйилэри түргэнник оһордор, силиһин модьуратар. Ыарыылары утары эмиэ антибиотик курдук туһаныллар. Арассаадаҕа туһанылларыгар 2 хаапыланы 500 мл. ууга суурайыллар. Бу суурадаһын 2 күн туһаныллар, ол кэннэ туһата тахсар. 14 күн иһинэнэ үүнээйи толору иҥэринэр. Көһөрүөх  2-3 чаас иннинэ  үүнээйини ыстарыллар, ол кэннэ көһөрүллэр. 100 мл. ууга 3 хааппыла кутуллар. Арассаадаҕа 1 л. ууга 2 хааппыла булкуйаллар. Сиэмэни тылыннарыыга уонна ыарыылары утары эмтээһиҥҥэ (парша, бактериоз, сытыйыылаахтар) утары 1 ыстакаан ууга 8 хааппыланы суурайабыт.  Үүнээйилэри 14 хонук быысаһан ыстарыллар. Сөрүүн, былыттаах күннэргэ ыстарыллара ирдэниллэр. Күннээх кэмҥэ ыстарбаккыт.

Арассааданы олохтоох миэстэтигэр олордуллуон 2-3 хонук иннинэ аллараа 2-3 сэбирдэхтэрин быһабыт, 1,5–2 см. уһуннаах төҥүргэс хаалыахтаах. Бу маннык гынан олоттоххо аллараанан салгын хамнааһына барар, ыарыы тарҕаммат, сырдык киирэр тахсар, ол сибэккилэнэрин үрдэтэр.

Балары сөпкө туһанан помидор арассаадатын этэҥҥэ үүннэрэн, өлгөм үүнүүнү ылыаххыт!

Мария ЛУКИНА, АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ. 

+1
17
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: