Салгыы
Помидор Саха сиригэр табыгастаах суортарын ырытан көрүөҕүҥ

Помидор Саха сиригэр табыгастаах суортарын ырытан көрүөҕүҥ

Ааптар:
25.03.2024, 19:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр помидор арассаадатын үүнэр кэмэ 60–70 хонуктаах буолар. Үүнэр кэмэ сиэмэҕэ олохтоох сиргэ көһөр кэмиттэн улахан туттулуктаах. Бүгүн суортары ырытан көрүөҕүҥ.

Бастатан туран, Саха сиригэр үүннэрэргэ талыллыбыт (районированнай) суортары ырытабыт.

Грунтовай Грибовскай 1180 — эрдэ, ол аата сиэмэтэ ыhыллыбытын кэннэ 74-101 хонук ааhыыта си­тэр суорт. Уга олус үрдүгэ суох, тохтоло суох уhаан үүммэт (детермнантнай суорт), сөбүгэр хойуутук сэбирдэхтэнэр, умнаhа сытыары соҕус үүнэр. Хоннох умнас аҕыйах, үксүгэр суох буолар. Сэбирдэҕэ олус улахана суох, кэтит ньолбоҕор, икки кытыытыттан үстүү сарбынньахтаах, хабырыттаҕас, хараҥа күөх өҥнөөх. Сибэккитин сүүмэҕэ кылгас, алларааҥҥыта 5-7, үөhээҥҥитэ 4-6 сибэккилээх. Хас биирдии сибэккитэ астанар. Астара кылгас укка симсэ олороллор.

Бу суорт тымныыны тулуйумтуо буолан, саҥа олордуллубут арассаадата быстах тоҥорууну тулуйар. Кураантан эмиэ улаханнык эмсэҕэлээбэт. Сибэккилиир кэмигэр тымныы түстэҕинэ даҕаны, ону этэҥҥэ аhарар. Сиппит аһа бытархай, үксүн төгүрүк, сороҕор хаптаҕайдыҥы, кып-кыhыл өҥнөөх, этэ кытаанах, минньигэс, ыйааhына баара-суоҕа 40-70 г. Бу суорт аhа өр кэмҥэ туох да буолбакка сытар. Холобур, 2 ый устата олох ииммэккэ-хаппакка, амтанын сүгэрбэккэ сөрүүн сиргэ сытыан сөп. Помидор бу суорда сибиэhэйдии хаhаанарга олус табыгастаах. Аһаҕас уонна пленка сабыылаах, сайыҥҥы тэпилииссэҕэ үүннэриллэр.

Сибирскэй скороспелай — эмиэ эрдэ ситэр суорт (73-104). Уhаты үүнэрэ сотору тохтуур буолан, уга үрдүгэ суох, хойуутук сэбирдэхтэнэр. Сэбирдэҕэ бөдөҥ, хараҥатыны күөх өҥнөөх. Ол гынан баран элбэхтик уу куттахха уга уhуон уонна элбэх хоннох умнас үөскүөн сөп. Онон ууну сэрэнэн, кэтээн көрө-көрө, кутуохха наада.

Аллараттан ахсыс сэбирдэх хонноҕуттан 5-6 сибэккилээх бэйэ-бэйэтиттэн арыттаан олорор бастакы сүүмэх тахсар. Онтон 1-2-лии сэбирдэҕи көтө-көтө сибэкки сүүмэҕэ үөскүүр. Бу суорт өлгөмнүк уонна утуу-субуу сибэккилиир. Астанара эмиэ түргэн, 47 хонук устата, хаһыҥ түhүөр диэри астана туруон сөп. Оттон тэпилииссэҕэ олус уhуннук сибэккилиир уон­на астанар. Аhа хаптаҕайдыны төгүрүк, кыhыл, этэ кытаанах, минньигэс, ыйааhына 60–120 г. Аһаҕас уонна пленка сабыылаах, сайыҥҥы тэпилииссэҕэ үүннэриллэр.

Белай налив 241 — эрдэ ситэр суорт, 100-105 хонуктаах. Уга олус үрдүгэ суох 44-51 см., орто сэбирдэхтээх, үрдүк үүнүүлээх. Бастакы сибэккитин сүүмэҕэ 6-7-с сэ­бирдэх хонноҕор тахсар, онтон сэбирдэх аайы эбэтэр сэбирдэх көтө-көтө син хойуутук тахсан сибэк­килиир уонна астанар. Аhа төгүрүк, сороҕор хаптаҕайдыҥы, кыһыл өҥнөөх, минньигэс, син обургу, ыйааһына 80-120 г. Аһаҕас уонна пленка сабыылаах сайыҥҥы тэпилииссэҕэ үүннэриллэр.

Москвич — тымныыны тулуйумтуо, салгын температурата уларыйарыгар олус кыһаллыбат, талымаһа суох, син эрдэ ситэр суорт (105—115). Уга хойуу, сытыары соҕус сараадыйан үүнэр, үрдүгэ баара-суоҕа 45—50 см. Хоннох умнас үүммэт, таҥааhыҥҥа наа­дыйбат. Сэбирдэҕэ хараҥатыҥы күөх. Аhа төгүрүк, кыhыл өҥнөөх, этэ кытаанах, минньигэс, ыйааһына 120 г. тахсыбат.

Перемога 155 – син эрдэ ситэр ортолуу суорт. Уга олус үрдүгэ суох. Орто хойуутук сэбирдэхтэнэр. Сэбирдэҕэ олус улахана суох, хараҥатыҥы от күөҕэ дьүhүннээх. Сибэккитин сүүмэҕэ 6-8-с сэбирдэх хонноҕор тахсар, онтон кэлиннэрэ 1-2 сэбирдэх кэннэ тахсаллар. Аhа хаптаҕайдыҥы төгүрүк, кыра муннуктардаах, орто кэмнээх уонна төгүрүк (90–130 г). Аһаҕас уонна сабыылаах, сайыҥҥы тэпилииссэҕэ сабыылаахха үүннэриллэр.

Талалихин 185 – эрдэ ситэр суорт. Орто сэбирдэхтэнэр, арыый чөмөхтүҥү үүнэр. Сибэккитин сүүмэҕэ 7-8-с сэбирдэх хонноҕор, онтон кэлиҥҥилэрэ 1-2 сэбирдэх кэннэ тахсаллар. Аһа төгүрүктүҥү хаптаҕай, кылааккай уонна мөлтөх адыгырас, орто иэннээх (80-100 г). Өҥө сиппэтэх аһа от күөҕэ, плодоножкатын аттынан хараҥатыҥы от күөҕэ өҥнөөх. Сиппит аһа кыһыл. Этэ кытаанах, минньигэс, ыйааһына 75-100 г. Аһаҕас уонна пленка  сабыылаахха үүннэриллэр.

Невский 7 – олох эрдэ ситэр суорт. Умнаһа чөмөхтүҥү (штамбовое), карликовай, туорхай сэбирдэхтээх. Сэбирдэҕэ хараҥатыҥы күөх, улахан биллэр мыччыстаҕастардаах. Сибэккитин сүүмэҕэ 5-6-с сэбирдэх хонноҕор тахсар. Аһа төгүрүктүҥү хаптаҕай, төгүрүк, кылааккай, кыралар (40–60 г). Олордорго элбэх үүнүүнү ылар сыалтан хойуутук симэ олордоҕут (6–10 үүнээйини 1 кв.м2). Аһаҕас уонна пленка  сабыылаахха үүннэриллэр.

Ямал — эрдэ ситэр суорт, намыһах уктаах, үнүгэһин үрдүгэ – 40–55 см, иннэ сүүмэҕэ 2-4 астаах киистэ, сэбирдэх хонноҕор 4-5 киистэ тахсар. Аһа төгүрүктүҥү хаптаҕай, кыра адыгырыстаах, маассата 60–100 г., өҥө оранжевайдыҥы кыһыл, үчүгэй амтаннаах. Аһаҕас сиргэ үүннэриллэр, хоннохтоммот.

Маны таһынан, Саха сиригэр ананан талыллыбатах (нерайонированнай) да буоллар, үчүгэйдик үүнэр, астара ситэр суортар эмиэ бааллар. Олортон маннык суортары ааттаталыахха сөп:

Желтай — син эрдэ ситэр суорт (80-90). Уга олус үрдүгэ суох. Сибэккитин сүүмэҕэ 8-9-с сэбирдэх хонноҕуттан саҕалаан тахсар. Өлгөмнүк сибэккилиир. Аһа бөдөҥ, төгүрүк, сырдык араҕас өҥнөөх, этэ кытаанах, минньигэс, ыйааһына 90-120 г.

Джина — эрдэ ситэр суорт (80-90). Уга намыһах, модьу, хороччу үчүгэйдик үүнэр буолан баайа, иҥиннэрэ сатаабаккыт. Хоннох умнас үүммэт, онон танааһыҥҥа наадыйбат, сөбүгэр астанар. Аһа бөдөҥ, кып-кыһыл, этэ кытаанах, минньигэс, ыйааһына 150-180 г. тиийэр. Аһаҕас сиргэ уонна сабыылаах тэпилииссэҕэ үүннэриллэр.

Взрыв – эрдэ ситэр суорт (93-100). Үрдүк үүнүүлээх. Уга намыһах, аллараттан хойуутук лабааланар, үрдүгэ 40-45 см. эрэ. Сөбүн көрөн танааһын наада, баайыллыбат. Аһа төгүрүк, сороҕор хаптаҕайдыҥы, кыһыл. Этэ кытаанах, ыйааһына араас: алларааҥҥы сүүмэх аһа 260 г., үөһээҥҥи 120-160 г. буолар. Биир уктан 2 киилэ ас ылаллар. Аһаҕас сиргэ уонна сабыылаах парниктарга үүннэриллэр.

Алмазы Якутии – эрдэ ситэр суорт (75-85 хонуктаах). Намыһах уктаах, 30-40 см. Хоннохтоммот. Кыра астаах, сырдык чаҕылхай кыһыл, чиҥ эттээх, минньигэс, тас хаҕа халыҥ, ыйааһына 80-100 г. Аһын биир тэҥник биэрэр, хойукка диэри астанар. Аһаҕас сиргэ уонна сабыылаах парниктарга үүннэриллэр.

Якут f1 – эрдэ ситэр суорт (85-95 хонуктаах), намыһах уктаах (50-60 см.), модун, орто сэбирдэхтэнэр, хоннохтоммот. Хойуутук симэ олордуллар. Аһа кыра, минньигэс. Элбэхтик, уһуннук аһын биэрэр. Кэнсиэрбэлииргэ, тууһуурга туттуллар. Аһаҕас сиргэ уонна сабыылаах тэпилиссэҕэ үүннэриллэр.

Тэпилииссэҕэ үүнэриллэр суортар

Верлиока — син эрдэ ситэр суорт (103—110). Уга уһун эрээри, 120 см. олус ордубат, хойуутук лабааланар. Хоннох умнас сотору-сотору тахсар, онон кэмин көрөн быраабыла быһыытынан быһар ирдэнэр. Эрдэ соҕус өлгөмнүк уонна биир кэмҥэ астанар. Аһа бытархай, төгүрүк, кыһыл өҥнөөх, этэ сымнаҕас, сөбүгэр минньигэс, ыйааһына 50-90 г.

Благовест Р — эрдэ ситэр, өлгөм соҕус астаах суорт. Уга олус уһуна суох, үрдүгэ 100 см. кэриҥэ. Сибэкки сүүмэҕэр 6-8 сибэкки тэҥҥэ кэриэтэ тыллар, бары ас тардаллар. Аһа түргэнник ситэр, бытар­хай, төгүрүк, кыһыл, этэ сымнаҕас, ыйааһына 100 – 110 г.

Торнадо Р — син эрдэ ситэр, орто үрдүктээх, сөбүгэр астаах суорт. Ол эрээри, уга 150 см. аһара барыан сөп. Сэбирдэҕэ син хойуу. Кэмин куоттарбакка хоннох уктары таныыр наада. Хойуутук астанар. Аһа бытархай, төгүрүк, кып-кыһыл, этэ сымнаҕас, ыйааһына 90—110 г.

Бычье сердце—орто тэтимнээхтик ситэр суорт (100-115 хонук), салгын температурата уларыйарын сөбүлээбэт, онон күн-дьыл уларыйарын кэтээн көрө сылдьан пленканан сабыллыахтаах. Уга орто үрдүк. Биир сүүмэххэ 5-6 тиийэ астанар. Аһа бөдөҥ, уһун ньолбоҕор, сүрэхтиҥи, кыһыл өҥнөөх, олус минньигэс, бу биир саамай бөдөҥ астаах суорт, аһын ыйааһына 110-250 г. Тэпилииссэҕэ 150 см. диэри уһуон уонна өр астана туруон сөп. Биир лууҥкаҕа икки угу олордоллор. Сабыылаах тэпилииссэҕэ үүннэриллэр.

Мария ЛУКИНА, АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ. 

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: