«Помоги выжить» пуун салайааччыта бүрүсүлүөстээбит ыттары утутары утарар
Дьокуускайга уонна Жатайга хаһаайыннаах ыттарга бүрүсүлүөс ыарыы көстүбүтүн туһунан суруйан турабыт. Ол эрээри, сэтинньигэ “Помоги выжить” диэн Очиченко 57-гэр баар аадырыска баар ыттары быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа хас да ыт бүрүсүлүөс ыарыыга сыстыбыта биллибитэ.
Сарсын, ахсынньы 12 күнүгэр, бүрүсүлүөскэ сыстыбыт биэс ыты СӨ Бэтэринээрийэ департаменын дьаһалынан утутуохтаахтар. Ол эрээри ыттары иитэр пуун салайааччыта Екатерина Безрученко бу дьаһалы утарар. Кини этэринэн, бүрүсүлүөс ыарыы туһунан айдаан уонна анаалыстар барыта саарбах соҕустар үһү.
Бэлиэтээн суруйдахха, билиҥҥи туругунан пуун харантыынынан сибээстээн сабыллан турар. Уопсайа пууҥҥа 967 ыт баарыттан 736 ыттан анаалыс ылыллыбыт. Ыттары көмүскэһэр волонтердар уорбалыылларынан, бэйдиэ ыт ахсаанын көҕүрэтээри бүрүсүлүөс ыарыыны толкуйдаабыттар дииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: