Салгыы
«Помоги выжить» пууҥҥа ыт ахсаана номнуо 1332-гэ тэҥнэстэ

«Помоги выжить» пууҥҥа ыт ахсаана номнуо 1332-гэ тэҥнэстэ

11.04.2023, 14:15
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга 72  бэйдиэ сылдьар ыты туппуттара. Бэлиэтээн суруйдахха, билигин куорат үрдүнэн бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга 7 биригээдэ үлэлиир.

Дьокуускай куоракка территориялары кытта үлэлэһэр департамент иһитиннэрбитинэн, «Помоги выжить» пууҥҥа ыт ахсаана номнуо 1332-гэ тэҥнэспит. Сыл саҕаланыаҕыттан 862 бэйдиэ сылдьар ыт тутуллубут. Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, ыттаах тоҕус хаһаайыҥҥа боротокуол оҥоһуллубут. Сэрэтии үлэтэ төһө да ыытыллыбытын үрдүнэн, эппиэтинэһэ суох хаһаайыттар ыттарын босхо ыыталлар.

Ыты иитиигэ быраабыланы кэһии иһин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар. Бастакы сэрэтии эбэтэр ыстараап иһин ыттаах хаһайын 1000-1500 солкуобайы төлүүр. Быраабыланы кэһии хатыланнаҕына, ыттаах хаһаайын 3000-5000 солкуобай ыстараабы төлүүр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: