Посол Николай Корчунов Табаһыттар чөмпүйэнээттэрэ саҕаламмытынан эҕэрдэлиир
Арктикатааҕы сэбиэт үрдүк дуоһунастаах сирэйдэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, РФ Тас дьыалаларга министиэристибэтин оһуобай сорудахтарга посола Николай Корчунов Нерюнгрига Табаһыттар норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээттэрэ саҕаламмытынан эҕэрдэлиир.
«Арктикатааҕы сэбиэт олохтоохтор кыһалҕаларыгар, этнос быһыытынан сайдыыларыгар, тылларыгар, култуураларыгар болҕомтотун уурар. Маныаха отуттан тахса тэрээһин ыытылынна, бырайыактар оҥоһулуннулар. Табаны иитии көлүөнэлэри систимниир дьарык буолар. Бу дьарык олохтоох оҥорон таһаарааччыларга экэнэмиичэскэй суолталаах. Саха сиригэр ыытыллар чөмпүйэнээт төрүт омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэригэр, табаны иитии сайдарыгар, үгэстэр салҕаналларыгар олук буолуо диэн эрэнэбин», — диэн посол Николай Корчунов этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: