#ПозывнойКультура: Докучаевскайга оҕо, ыччат айымньытын дьиэтин өрөмүөннүөхтэрэ

#ПозывнойКультура: Докучаевскайга оҕо, ыччат айымньытын дьиэтин өрөмүөннүөхтэрэ

Ааптар:
11.01.2025, 09:40
Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сирэ Докучаевскайга оҕо, ыччат айымньытын дьиэтигэр өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыаҕа.

Бу туһунан ДНӨ үлэлиир Саха сирин бөлөҕүн бэрэстэбиитэлэ Максим Карбушев иһитиннэрдэ.

«Бу урукку уһуйаан дьиэтигэр баар, манна өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллара наада. Оҕо, ыччат айымньытын дьиэтин куорат уокуругун олохтоохторо, оҕолор олус сэргииллэр, сэҥээрэллэр. Саха сирин исписэлиистэрэ бу дьиэни бүүс-бүтүннүү саҥалыы уларытан оҥорор уонна таһынааҕы сирин-уотун тупсарар былааннаахтар«, — диэн этэр кини.

Санатар буоллахха, Саха сирэ 2024 сыл тохсунньутуттан ДНӨ Докучаевскай куорат уокуругун чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэр. 2024 сыллаахха куорат 65 эбийиэгэ өрөмүөннэммит. Докучаевскайга Саха сирин миэдиктэрэ үлэлииллэр, кинилэр сүүһүнэн пациеҥҥа көмөлөһөллөр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 января
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: