Пригороднай олохтооҕо икки дьиэни уоттан быыһаата
Ыам ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай куорат Пригороднай сэлиэнньэтигэр икки дьиэ уокка былдьана сыста. Хата, уот турбутун олохтоох Сергей Попов бастакынан бэлиэтии көрөн умуруорбут.
Сергей Набережнай уулуссанан баран иһэн, биир тэлгэһэттэн буруо тахсарын бэлиэтээбит. Бастаан утаа кини ким эрэ бөх умаппыт дии санаабыт. Онтон буруота хойуута бэрдиттэн, тэлгэһэ аанын тоҥсуйбут. Онно киирээт көрбүтэ, хаппыт от умайан дьиэлэргэ чугаһаабыт эбит. Сергей тугу да толкуйдаабакка, туох түбэһэринэн уоту умуруоран саҕалаабыт. Төһө өр оннук сылдьыбытын өйдөөбөт. Арай, уот тэлгэһэ нөҥүө өттүттэн саҕаламмытын көрбүт. Арааһа, умуруоруллубатах табаҕы сиргэ бырахпыттарыттан уот барбыт быһыылаах диэн сабаҕалыыр.
Ити курдук, ууллуссанан көннөрү аһан испит Сергей Попов икки дьиэни уоттан быыһаабыт. Киниэхэ олохтоох дьаһалта суһал уонна дьаһаллаах дьоруойдуу быһыытын иһин махтаммыт.
Бу туһунан Пригороднай сэлиэнньэ телеграм-ханаала суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: