Бу туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Пригороднай сэлиэнньэтигэр бэҕэһээ ыытыллыбыт отчуокка “Надежда” култуура дьиэтин сэбиэдиссэйин Эльвира Бендит ыйытыытыгар хоруйдаата. Вице-премьер дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путин сорудаҕынан торумнаммыт Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирбит икки эбийиэги тутарга былааннаабыттарын туһунан эттэ.
“2023 сыл ахсынньыга маастар-былаан чэрчитинэн Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын дьаһала бигэргэнэн, онно Пригороднайга култуура-сынньалаҥ киинин тутуу кииирбитэ. Ону сэргэ Пригороднайга успуорт комплекса тутуллуоҕа”, — диэтэ Ольга Балабкина.
Пригороднай баһылыга Василий Пинигин этэринэн, сэлиэнньэҕэ 3715 киһи олорор. 2023 сыл тохсунньу ыйга 12 №-дээх оскуолаҕа пристрой туппуттар, сайын “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” бэрэсидьиэн национальнай бырайыагынан Хочо уулуссаны хапытаалынайдык өрөмүөннээбиттэр. Пляжнай уулуссаҕа сырдатыы ыытыллыбыт, сылаас тохтобулу туруорбуттар.
“Саха сирин баһылыгар Айсен Николаевка уонна куорат баһылыгар Евгений Григорьевка суолу тутуу уонна уулуссаҕа уоту киллэрии, былырыын үлэҕэ киирбит оскуолабыт иһин махтанабыт”, — диэтэ олохтоохтор ааттарыттан Эльвира Бендит.
Ирина Евдокимова кытылы бөҕөргөтөр үлэни туоһуласта. “Трудовик” кэмиэрчэскэйэ суох табаарыстыба бэрэссэдээтэлэ Герман Отов кытылы бөҕөргөтөр даамбаны тутууну туруоруста. Маныаха Бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэллэрэ Дьокуускай маастар-былаанынан Табаҕаттан Кангаласска диэри кытылы бөҕөргөтөр үлэ кэлимсэ ыытыллыаҕын туһунан эттилэр. “Пригороднай олохтоохторо олус көхтөөхтөр. Инфраструктура боппуруоһун туруорустулар, кэтэх ыаллар тупсаҕайдык олоруохтарын баҕараллар. Итилэри сороҕун тэтимнээхтик быһаарыахха сөп. Ол эрээри маныаха куорат бу чааһыгар чопчу былаан наада”, — диэн бэлиэтээтэ вице-премьер Ольга Балабкина.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Мария Васильева (СИА) түһэриитэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…