«ProДФО» диэн ураты хабааннаах онлайн-пуорумнар серияларынан буолар. Кинилэр Уһук Илин эрэгийиэннэригэр былааһы, эспиэртэри, СМИ эйгэтин уонна олохтоохтору түмэр тосхоллоохтор. Хас биирдии пуорум эрэгийиэн оруннаах хайысхаларыгар аналлаах: экэниэмикэҕэ, биисинэскэ, үөрэҕириигэ, куорат табыгастаах усулуобуйатыгар, ыччаты өйөөһүҥҥэ, туризмҥа, экологияҕа.
Бүтэһик кэмҥэ маассабай информациялар сириэстибэлэрин оруола үрдээн турар. Бүгүн «ProДФО – Все для Победы!» пуорум үөһэ этиллибит хайысхалар элбэх бэрэстэбиитэлин муста. Кырдьыктаах информацияны тиэрдээһиҥҥэ суруналыыстартан улахан эппиэтинэс ирдэнэрин СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ. Ордук чуолаан, байыаннай кэрэспэдьиэннэр оруоллара улахан. Онон кинилэргэ өрөспүүбүлүкэ өйөөһүнэ үрдүк.
«Дойду үрдүнэн бу суоһаан турар күннэр-ыйдар олус ыарахаттар. Ол эрээри, биһиги көрдөрдүбүт: бары биир санаалаах уонна бэрэсидьиэммит тула түмсэр буоллахпытына, ханнык баҕарар ыарахаттары кыайыахпытын сөп. Бу эйгэни олохтуурга, биллэн турар, СМИ суолтата сүҥкэн. Информация кырдьыктаах буолуохтаах. Билигин өстөөхтөрбүт туһунан тутах уонна бутуйуулаах информация барара соччото суох көстүү. Бүгүн идэҕэ бэриниилээх уонна эппиэтинэстээх буолуу бастакы миэстэҕэ туруохтаахтар”, — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон эттэ.
Ил Дархан байыаннай кэрэспэдьиэннэр уустук үлэлэрин сырдатта. Биһиги эрэгийиэммит элбэх бэлэмнээх байыаннай кэрэспэдьиэннэрдээҕинэн биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьарын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр байыаннайдары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр 19 миэрэ үлэлиир. Саха сирин байыаннайдарыгар анаан Москваҕа Координационнай киин үлэлиирин санатыахха наада.
Ыам ыйын 30 күнүттэн Дьокуускайга «Защитники Отечества» диэн байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда филиала үлэлиир.
Эльдар Садовников.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…