Прогноз игирэлэрэ
Андрей уонна Алексей Аммосовтар ыраах Дьааҥы улууһун Бала сэлиэнньэтигэр 2001 сыллаахха атырдьах ыйын 8 күнүгэр күн сирин көрбүттэрэ. Уолаттар төрөөбүт дойдуларыттан харыс халбарыйбакка, билигин “Прогноз-серебро” хампаанньа Прогноз диэн учаастагар таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы сылдьаллар. Андрей – хайа оробуочайынан, оттон Алексей – стропальщигынан.
Уолаттар игирэлэр эрээри, тас көрүҥнэринэн бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, арай куоластара биир буолан, төлөпүөнүнэн кэпсэттэххэ, хайалара Андрей биитэр Алексей буоларын таах бутуйуохха сөп.
Прогноз учаастакка аан бастаан Андрей үлэлии кэлбитэ. “Геологтар үлэлэригэр уруккуттан ымсыырар этим. Онон, Томпотооҕу хайа-геологическай тиэхиньикумугар тиэхиньик-геолог идэтигэр докумуоннарбын туттарбытым. Учаастакка номнуо бастакы куурустан быраактыкаҕа сылдьар буолбуппут”, – диэн Андрей хайа бырамыысыланнаһыгар хайдах кэлбитин туһунан кэпсиир. Кини инникитин үрдүк үөрэхтээх геолог буолар ыра санаалаах.
– Прогноз билигин Саха сиригэр үлэтин ыыра кэҥээн иһэр. Тиэхиньик-геолог миэстэтин арыйдахтарына, мин онно үлэҕэ киирэргэ дьулуһуом этэ. Ол гынан баран, үрдүк үөрэхтээх эрэ киһини ылабыт диэтэхтэринэ, хаһан баҕарар салгыы үөрэниэххэ сөп. Мин онтон толлубаппын. Томпотооҕу хайа-геологическай тиэхиньикумугар үөрэнэ сылдьан кыһыл көмүһү сууйууга, геологическай боруобаны ылыыга бэлэмнэниини ааспытым. Бэйэм харчы төлөөн хайа оробуочайа кууруһугар үөрэммитим. Маны таһынан өссө хайа быыһааччыта диэн идэлээхпин. Биирдэ үлэ харыстабылын салаатын начаалынньыга Кирилл Широбоков кэбиниэтигэр ыҥырбыта. Ону мин наһаа соһуйбутум, тугу гынаммын миигин ыҥырдаҕай диэн. Киирбиппэр, хайа быыһааччыта буолуоххун баҕараҕын дуо диэбитэ. Мин уһуннук толкуйдуу барбакка, тута сөбүлэспитим. Инньэ гынан туһааннаах идэҕэ Нерюнгрига үөрэммитим. Үлэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр, быыһааччылары кытары тэҥҥэ сылдьыахпын сөп, – диэн Андрей кэпсээтэ.
Оттон Алексей инники олоҕун авиацияны кытары ситимниир былааннааҕа. Дьокуускайдааҕы авиационнай тиэхиньиичэскэй училищены бүтэрэн, тиэхиньик-мэхээнньик дьупулуомун ылбыта. Ол эрээри үлэ миэстэтэ былдьаһык итиэннэ хамнаһа кыра буолан, идэтинэн үлэлээбэтэҕэ. Алексей училищены бүтэрэ илигиттэн Прогноз учаастакка быстах үлэҕэ сайабылыанньа ыытан, үс ый курдук, балаҕан ыйыгар диэри хонууга үлэлээбитэ. Дуогабарын болдьоҕо ааспытын кэннэ, хампаанньа салалтатыгар бастайааннай үлэҕэ хаалыаҕын баҕарарын туһунан эппитэ. Быраатын курдук хайа оробуочайынан үлэлиир санаалааҕа да, миэстэ суоҕунан, стропальщигынан киирбитэ.
– Миэстэ таҕыста даҕаны, хайа оробуочайыгар көһүөҕүм. Стропальщик үлэтин дьон олус судургу дии саныыр. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Болҕомтолоох, кичэллээх, тулуурдаах буолар ирдэнэр. Биирдэ геологтары кытары учаастакка чинчийиигэ барса сылдьан баран, тута бу үлэ миэхэ ордук чугаһын бэлиэтии көрбүтүм. Уопсайынан, айылҕаҕа сылдьарбын олус сөбүлүүбүн, – диэн Алексей санаатын үллэстэр.
Уол баҕа санаата олоххо киирдэҕинэ, бырааттыылар баахтаҕа тэҥинэн сылдьа сатыахтара. Билигин икки ый учаастакка үлэлииллэриттэн, икки эрэ нэдиэлэ курдук көрсөн ааһаллар.
«Быраатым чугас баар буоллаҕына, бириэмэ да түргэнник ааһар. Иллэҥ кэммитин куруук бииргэ атаара сатыыбыт. Андрейдыын успуордунан сөбүлээн дьарыктанабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ успуордунан дьарыктанааччы лаппа элбээтэ. Киэһээҥҥи аһылык кэннэ күргүөмүнэн саалаҕа барыы буолар. Онон саалаҕа куруук уочараттаах. Билигин саҥа спортивнай саала тутулларын кэтэһэбит», – диэн Алексей этэр.
Бырааттыылар баахтанан үлэҕэ үөрэнэннэр, атын үлэҕэ барыахтарын баҕарбаттар. Ол туһунан Андрей: “Мин маннык үлэҕэ үөрэнэн хаалбыппын. Эдэрбин, кэргэним, оҕом суох. Холобур, офиска сарсыарда 9-тан киэһэ 18 чааска диэри, сылга биирдэ уоппускалаах үлэҕэ баҕарбаппын. Баахтаҕа алта ый үлэлиигин, оттон алта ый дьиэ кэргэҥҥин кытары бириэмэҕин атаараҕын. Аҕабыт хачыгаардыыр, онон иллэҥ кэммэр киниэхэ көмөлөһөбүн”, – диир Андрей.
Бырааттыы Аммосовтар кэпсииллэринэн, “Прогнозка” түргэнник үөрэммиттэр, бииргэ үлэлиир дьоннорун кытары биир тылы булан, иллээхтик үлэлииллэр. Убайа Алексейы саҥа үлэҕэ киирбит бастакы күннэриттэн барыларын кытары билиһиннэрэн, үлэтигэр улахан кыһалҕаны көрсүбэтэх. Эдэр үлэһиккэ уопуттаах, саастаах үлэһиттэр куруук сүбэлээн-амалаан, күүс-көмө буолаллара.
Алексей Аммосов саха ыччатын кинилэр курдук, бырамыысыланнай хампаанньаларга үлэлии кэлэллэригэр, ыарахан үлэттэн чаҕыйбаттарыгар сүбэлиир. “Баахтанан үлэни ордук эдэрдэр тоҕо эрэ ахсарбаттар, ыйы-ыйдаан дьиэлэриттэн тэлэһийэ сылдьыахтарын баҕарбаттар. Ол эрээри, икки сыллааҕыта учаастакка биэс-алта эрэ эдэр уол үлэлиир буоллаҕына, билигин кинилэр табаарыстарын үлэҕэ ыҥыран, быйыл элбээтибит”, – диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Вячеслав Стручков.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: