Прокопий Бубякин: “Өлүөнэни туоруур муоста өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар суолталаах”
Бүгүн Саха сиригэр үөрүүлээх күн – Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста бастакы сыбаайата түстэ. Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин тус санаатын үллэстэр.
— Илин эҥээр улуустарга Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу саамай тыын суолталаах боппуруос. Саха сирин олохтоохторугар Өлүөнэ өрүһү туорааһын былыр-былыргыттан харгыстаах. Урут өссө тимир аал да аҕыйах этэ. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев кэлэн бэрээдэктиэҕиттэн, массыыналары мунньар накопителлэр оҥоһуллуохтарыттан тубуста эрээри, Илин эҥээр улуустарга өрүһү туоруур суол чиҥник оҥоһуллуор диэри син биир харгыстардаах. Күһүн, саас массыына мууһу тосту үктээн, алдьатан нэһилиэнньэҕэ куттал суоһуура баар суол. Маны таба өйдөөн, федеральнай салалта Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаты тутуу боппуруоһун быһаарарга соруммута олус үчүгэй. Онон өрүс уҥуор олорооччулар бүгүҥҥү, бастакы сыбаайа түһүүтүн уруйдуу-айхаллыы көрсөбүт. Айсен Сергеевич Николаев Ил Дарханынан талыллыаҕыттан муоста тутуутун бэйэтин тус соругун быһыытынан ылыммытын биһиги биһириибит. Чахчы таһымнаах киһи буолан үрдүк соругу туруорунна. Бу баһырхай үбү эрэйэр хамсааһын, билиҥҥи курдук кэмҥэ өссө уустук буолар.
Муоста үлэҕэ киирдэҕинэ сылы эргиччи сылдьар сырыыбыт аһыллан, илин эҥээрдэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыбытыгар улахан оруолланыаҕа. Дьон-сэргэ үөрэ-көтө да сылдьарыгар суолталаах. Итини сэргэ, муоста арҕаа диэки, биэрэк хаҥас өттүн сайыннарыыга, Бүлүү умнаһын улуустарын олохтоохторо киини кытта ситимнэнэллэригэр табыгастаах. Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй, Ааллаах Үүҥҥэ айаннаабыт дьоммут-сэргэбит Мэҥэнэн, Амманан, Уус Маайанан салгыы Охотскай муораҕа тахсаллара, Илин дойдулары кытта эргинэллэрэ. Амма суола кэлин федеральнай суолталанан, хайалары уҥуордаан Охотскай муораҕа тахсарыгар эрэллээхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: