Прокопий Бубякин: “Өлүөнэни туоруур муоста өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар суолталаах”

Share

Бүгүн Саха сиригэр үөрүүлээх күн – Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста бастакы сыбаайата түстэ. Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин тус санаатын үллэстэр.

— Илин эҥээр улуустарга Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу саамай тыын суолталаах боппуруос. Саха сирин олохтоохторугар Өлүөнэ өрүһү туорааһын былыр-былыргыттан харгыстаах. Урут өссө тимир аал да аҕыйах этэ. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев кэлэн бэрээдэктиэҕиттэн, массыыналары мунньар накопителлэр оҥоһуллуохтарыттан тубуста эрээри, Илин эҥээр улуустарга өрүһү туоруур суол чиҥник оҥоһуллуор диэри син биир харгыстардаах. Күһүн, саас массыына мууһу тосту үктээн, алдьатан нэһилиэнньэҕэ куттал суоһуура баар суол. Маны таба  өйдөөн, федеральнай салалта Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаты тутуу боппуруоһун быһаарарга соруммута олус үчүгэй. Онон өрүс уҥуор олорооччулар бүгүҥҥү, бастакы сыбаайа түһүүтүн уруйдуу-айхаллыы көрсөбүт. Айсен Сергеевич Николаев Ил Дарханынан талыллыаҕыттан муоста тутуутун бэйэтин тус соругун быһыытынан ылыммытын биһиги биһириибит. Чахчы таһымнаах киһи буолан үрдүк соругу туруорунна. Бу баһырхай үбү эрэйэр хамсааһын, билиҥҥи курдук кэмҥэ өссө уустук буолар.

Муоста үлэҕэ киирдэҕинэ сылы эргиччи сылдьар сырыыбыт аһыллан, илин эҥээрдэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыбытыгар улахан оруолланыаҕа. Дьон-сэргэ үөрэ-көтө да сылдьарыгар суолталаах. Итини сэргэ, муоста арҕаа диэки, биэрэк хаҥас өттүн сайыннарыыга, Бүлүү умнаһын улуустарын олохтоохторо киини кытта ситимнэнэллэригэр табыгастаах. Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй, Ааллаах Үүҥҥэ айаннаабыт дьоммут-сэргэбит Мэҥэнэн, Амманан, Уус Маайанан салгыы  Охотскай муораҕа тахсаллара, Илин дойдулары кытта эргинэллэрэ. Амма суола кэлин федеральнай суолталанан, хайалары уҥуордаан Охотскай муораҕа тахсарыгар эрэллээхпит.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

4 часа ago