Көҥүл тустууга Арассыыйа 2002 сыллаах чөмпүйэнээтин уонна быйылгы бэтэрээннэргэ чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа Прокопий Петров успуорка бастакы хардыыларын, күөгэйэр күннэрин, билиҥҥи дьарыгын туһунан сэһэргээтэ.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ Махачкалаҕа ыытыллыбыт Арассыыйа бэтэрээннэрин чөмпүйэнээтигэр Сахабыт сирин тустууктара аҕыс мэтээллэммиттэрэ. Ол иһигэр, саастарынан бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр Прокопий Петров, Михаил Захаров, Вадим Данилов кыһыл көмүс, Терентий Халгаев, Ефрем Ефремов үрүҥ көмүс, Виктор Черкашин, Василий Шепелев, Николай Баттахов боруонса мэтээли ылаттаатылар.
— Бэтэрээннэргэ бастакыбын кытынным. Чөмпүйэнээккэ дойдубут 33 эрэгийиэниттэн барыта 160-тан тахса кыттааччы баара: Сойуус, Арассыыйа, аан дойду түһүлгэлэрин, Ярыгин турнирын урукку чөмпүйүөннэрэ, призердара кытта кэлбиттэр этэ. Мин 78 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа “Б” бөлөххө кытынным. Манна 15 кыттааччы баара.
Улахан күрэхтэһиилэргэ кыттыбатарбын даҕаны, куруук эрчиллэ, уолаттары кытта тутуһа сылдьабын. Ол да буоллар, бу күрэхтэһиигэ кыайыыга эрэлим соччо суоҕа диэххэ сөп. Финалга алта сөкүүндэ хаалыар диэри 2:0 ахсааҥҥа хотторон испитим, онтон сэрэтиинэн уонна көбүөр таһыгар таһаараммын кыайбытым. Албаһы сатаан оҥорботоҕум. Судургутук эттэххэ, утарылаһааччым дьарыга кыратык тиийбэтэ быһыылаах.
Үс иһигэр киирбиттэр салгыы аан дойду түһүлгэтигэр кытта барыахтаахтар диэн, ону билиҥҥи балаһыанньанан биһиги сатаан барбаппыт. Мин Хаҥалас тустууга федерацията өйөөн бу чөмпүйэнээккэ кыттан кэллим, — диэн Прокопий Петров ааспыт чөмпүйэнээттэн кэпсээнин саҕалаата.
— Прокопий, бэйэҥ тускунан, тустууга бастакы хардыыларыҥ туһунан кэпсээ эрэ.
— Мин Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүттэн сылдьабын. Бастакы кылааска үөрэнэ сырыттахпына тустуу сиэксийэтин тириэньэрэ Гаврил Дмитриевич Дмитриев кэлэн оҕолору нобуордаабыта. Кылааспыт уолаттара бары тустууга суруттарбыппыт. Онон бастакы кылаастан тустан саҕалаабытым.
— Бастакы улахан күрэхтэһиигин өйдүүгүн дуо?
— 1991 сыллаахха, 12 саастаахпар, Новосибирскайга буолбут Бүтүн Сойуустааҕы турнирга кыттан бастаабытым. Бастакыбын хараҕым хараҥарыар диэри ыйааһын түһэрэр диэни билбитим. Бэл, уолаттар дьээбэлээннэр, апельсин диэн лимону биэрбиттэригэр амтанын араарбатаҕым. Бачча үлүгэрдик эрэйдэнэн ыйааһын түһэрэн, аччыктаан, муннубун тоһутан бараммын, хайаатар даҕаны кыайыахтаахпын диэн сыал-сорук туруоруммутум.
Дьэ, онтон кыайан-кыаҕыран, дойдубар, дьоммор кэллим. Бастакытын улахан күрэхтэһиитигэр кыттан чөмпүйүөннээбит оҕо киһи улуутумсуйуох санаам кэллэ быһыылааҕа. Ону ийэм биир турниры кыайан баран сананыа суохтааххын диэн мөхпөккө-эппэккэ эрэ уратытык өйдөппүтэ. Биирдэ: “Кэл, харыта баттаһыахха”, — диэтэ. Онуоха хары баттаһан саастаах ийэм миигин тулуппата. Хайыахпыный, саҥата-иҥэтэ суох үлэбин оҥорбутунан бардаҕым дии.
— Оттон Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар хаһан көстүҥ?
— Эрдэ орто кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына Чурапчыга, Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа оскуолаларга ыҥыраллар этэ. Мин тоҕус саастаахпар аҕам суох буолбута. Онон дьиэ тас үлэтин, сүөһү көрүүтүн ийэбэр, эдьиийбэр сэлээннээн хайдах даҕаны быраҕан барар кыаҕым суоҕа.
Онтон ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына тириэньэрим ыҥыран ылан: “Үөрэххэр мөлтөххүн, көтүтүүҥ даҕаны элбэх. Оскуолаҕын маннык бүтэрдэххинэ хайыыгыный? Успуорка үчүгэй көрдөрүүлэрдээххин, тустуунан бардаххына сири-дойдуну көрүөҥ, элбэх күрэхтэһиигэ кыттыаҥ. Олимпийскай эрэллэр училищеларын ситиһиилээхтик бүтэрдэххинэ, салгыы орто үөрэҕэр үөрэнэн тириэньэр идэтин баһылыаххын сөп”, — диэн улахан толкуйга түһэрбитэ. Ийэм аҕыйах кылаас үөрэхтээх буолан, мин үөрэхтээх киһи буоларбын наһаа баҕарара, ону куруук тоһоҕолоон этэрэ. Тохсус кылааһы бүтэрбит сайыммар эдьиийим ыал буолбута, күтүөт кэлэн дьоммор күүс-көмө буолбута. Онон күһүҥҥүттэн Дьокуускайга училище үөрэнээччитэ буолан, Прокопий Семенович Ивановка эрчиллэн саҕалаабытым.
Төрөппүттэрим кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ үөрэппиттэрэ улахан суолга үктэнэрбэр, успуорка ситиһэрбэр тирэх буолбута. Успуорка эрэ буолбакка, олох араас эйгэтигэр элбэҕи тулуйарга, ыарахаттары аһарынарга үөрэммитим.
Прокопийдыын атах тэпсэн кэпсэтэ олорон, хайдах даҕаны сүүрбэ сыллааҕыта буолбут Арассыыйа чөмпүйэнээтин ахтан-санаан ааспат табыллыбат дии санаатым. Онон 2002 сыллаахха “Туймаада” стадиоҥҥа буолбут күрэхтэһии кэмнэригэр төнүннүбүт:
— Оччолорго мин күнүһүн УОР-га уонна кэтэхтэн СГУ-га үөрэнэр устудьуон этим. Кэргэннээхпин, оҕолоохпун. Өрөспүүбүлүкэҕэ үс иһигэр киирэммин, Арассыыйаҕа тустар буолбутум. Оҕо эрдэхпитэн ыра оҥостубуппун ситиһэр санааттан, саҕалаабыппын тиһэҕэр тиэрдээрибин, кэргэним, оҕом эрэллэрин түһэр биэрбэт туһуттан бэйэбин-бэйэм күүскэ ностуруойдаабытым. Утарылаһааччыларбын кытта сборга сылдьаммын киирсэн көрбүт буоламмын, киһи тустуон сөп эбит диэн санаабытым. Бэйэбин өл да, төрөө да – хайаан даҕаны кыайыахтаахпын диэн толкуйга аҕалбытым.
— Тустууга күүс-уох, албас эрэ буолбакка, сөптөөх турук эмиэ элбэҕи быһаарар. Эйигин ол чөмпүйэнээт иннинэ Эдьиий Дора алҕаабытын туһунан истибитим.
— Үс күн иннинэ ыйааһын түһэрэн эрэй бөҕөтүн көрбүтүм. Аһаабаппын, ньиэрбинэйдиибин. Онтон ыйааһыннаммыт киэһэбитигэр бырааспыт Матвей Иванович Лыткин кэлэн Эдьиий Дораҕа илдьэ барбыта. Кини: “Тугу даҕаны санаама, барыта этэҥҥэ буолуо”, — диэбитэ, ырааһыран, чэпчээн хаалбыт курдук буолбутум, ыйааһын түһэрэн бараммын чөлбөр түргэнник түспүтүм.
Ол иннинэ хамаандаҕа баар уолаттары барыбытын аатырбыт Үрүҥ Ойуун Владимир Алексеевич Кондаков алгыстаабыта. Бастакы эргииргэ Арассыыйаҕа үһүс буолбут күүстээх тустуугу кытта киирсэ сылдьан тоҕо эрэ көбүөр кытыытын диэки көрөн ылбытым. Ону Владимир Алексеевич миигин тонолуппакка көрөн олорор этэ. Ол түгэҥҥэ миэхэ күүс киирэрин курдук буолбута, киһибин хам баттаан баран “тушелаан” кэбиспитим. Онтон ыла үрдүкү күүстэр бааллар диэҥҥэ итэҕэйэбин. Тириэньэрдэр, үрдүкү салалта, быраастар, хамаанда уолаттара бары бииргэ биир тыынынан кыайыы туһугар күүстээхтик үлэлээбиппит түмүгэр ситиһии кэлбитин саарбахтаабаппын.
— Кыайбыт сөкүүндэҕиҥ өйдүүгүн дуо? Тугу санаабыккыный?
— Чэпчээбитим. Ыйааһын түһэриитэ бэрт эрэйинэн ааспыт, элбэх көлөһүнүм тохтон, улахан сыранан кэлбит кэтэһиилээх кыайыы буолбута. Быһаарыылаах түгэҥҥэ санааны-оноону хомунан, ис туругу истэр, кыах көстүбүтүн сөптөөхтүк таба туһанар барыта бэйэҥ илиигэр буоларын өйдүөххэ наада. Киһи ылсыбыт дьыалатыгар эрэллээх буолара хайаан даҕаны кыайыыга тиэрдэр диэн толкуйдуубун.
— Билигин тугунан дьарыктанаҕын?
— “Түргэн” диэн спортивнай кулууп арыйбытым. Дьокуускайга “Өрөгөй” успуорка бэлэмнээх буолуу киинигэр оҕолору уонна улахан дьону хапсаҕайга дьарыктыыбын. Эр киһи эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуохтаах диэн санаанан салайтаран баҕалаах дьону барыларын эрчийэбин. Кулууппар кыра оҕоттон саҕалаан урут тустуунан, хапсаҕайынан утумнаахтык дьарыктаммыт дьон эрчиллэр. Хапсаҕай киһи этин-сиинин эрэ буолбакка, өйү-санааны сайыннарар сахалар төрүт көрүҥмүт буолар. Мин тустууну кытта хапсаҕайынан тэҥҥэ дьарыктаммытым. Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээттэригэр кыттабын.
Миигин дьон үтүөтүк саныыра, улахан успуорка бэйэм ааппын хаалларбытым инникигэ эрэллиир. Манна барытыгар мин тыылым – дьиэ кэргэним, төрөппүттэрим, тириэньэрдэрим.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ. Уолаттарыҥ тусталлар дуо? Уол оҕону иитиигэ сүрүнэ туох дии саныыгыный?
— Кэргэним тустарбын, дьарыкпын өрүү өйүүр, уолаттарым хас биирдии мэтээлбэр үөрэллэрэ астык. Биһиги ыал үс уоллаахпыт. Улахаммыт Алгыс кыра сылдьан тустуунан дьарыктанар, тэлэбиидэнньэҕэ биэрии ыытар, олоҥхолуур этэ. Билигин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, “Кыайыы Волонтердара” Саха сиринээҕи салаатын салайааччытынан үлэлиир. Икки кыраларбыт – үөрэнээччилэр. Кинилэри бэйэбин кытта кроссфитка, хапсаҕайга илдьэ сылдьан дьарыктыыбын. Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр, онон үгүс саҥата-иҥэтэ суох сөптөөх холобуру көрдөрөн, үтүө дьон буолан тахсалларыгар кыһаллабын.
Хаартыскалар – П.Петров архыыбыттан.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…