Прокопий Румянцев: “Өйүүн дьоммутун кытта көрсөн мунньахтыыр былааннаахпыт”
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн, хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан тутуллар дьиэлэр: “Кып-кыраҕастар, ваннатын кыайан батарбакка эрбээн олордубуттар” – диэн ис хоһоонноох уо.д.а. видеолар тарҕаннылар. Видеоҕа хайа улуус, нэһилиэк буолара ыйыллыбат.
Туоһулаһан билбиппит, Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр Пушкин аатынан уулуссаҕа тутулла турар дьиэ эбит. Чахчытын, тугун-ханныгын билээри Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румяенцевы кытта сибээстэһэ сырыттыбыт. Баһылык иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн Бороҕон сэлиэнньэтигэр хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан 2025 сылга тыһыынчаттан тахса киһи көһүөхтээҕин, биир дьиэ тутуллан бүппүтүн, билигин тэҥинэн биэс дьиэ тутулла турарын этэр.
“Күн бүгүн барыта биэс дьиэ тутулла турар. Социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт кыһалҕалаах дьиэ Пушкин аатынан уулуссаҕа, биир уһаайбаҕа отуттуу кыбартыыралаах икки дьиэ тутулла турар. Быһа холуйан ыам-бэс ыйдарыгар үлэҕэ киириэҕэ диэн былааннаан олорбуппут, үлэтэ бүтэ илик. Тустаах дьиэ планировката мөлтөх соҕус. Сорох кыбартыыраларыгар санитарнай узелын (ванна, тахсан киирэр тэрил, раковина) хоһо кыараҕас. Санитарнай узел хоһо кыараҕас дииллэрин, дьон айманарын өйдүөххэ сөп. Ол эрээри, кыбартыыра барыта итинник буолбатах.
Социальнай ситимҥэ 13 кв.м. диэбиттэр гынан баран, биир даҕаны ити курдук иэннээх кыбартыыра суох, ирдэбилгэ эппиэттииллэр.
Маҥнай дьоммутун түмэн мунньах ыытыахпыт. Быһа холуйан өйүүн диэн былааннаан олоробут. Син биир бэрэбиэркэ барыаҕа, биир түмүккэ кэлэрбит ирдэнэр”, — диэн баһылык быһаарда.
Видеоҕа көрдөххө, итини таһынан дьон хараҕа иҥнэр атын да өрүттэрэ баалларга дылы. Онон бэрэбиэркэ баран, сөптөөх дьаһал ылылларыгар эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: