Прокопий Слепцов Дьокуускайдааҕы айылҕа харыстабылын борокуруорунан ананна
Саха сирин борокуратууратын уорганнарын кэллэктиибигэр саҥа анаммыт Дьокуускайдааҕы айылҕа харыстабылын борокуруорун Прокопий Слепцову билиһиннэрдилэр. Ол туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитииннэрэр.
Прокопий Николаевич Слепцов 1989 сыллаахха төрөөбүт. Үрдүк юридическай үөрэхтээх, 2011 сыллаахха Ураллааҕы юридическай академияны «юриспруденция» идэтин бүтэрэн «юрист» квалификациялаах.
Борокуратуураҕа үлэтин 2021 с. от ыйыттан саҕалаабыт, салгыы Дьокуускай куорат борокуруорун көмөлөһөөччүтүнэн, Анаабыр улууһун борокуруорун солбуйааччытынан үлэлээбит.
2018 с. балаҕан ыйыттан айылҕа харыстабылын борокуруорунан ананыар диэри Үөһээ Бүлүү улууһун борокуруорунан үлэлээбит.
РФ Генеральнай борокуруорунан «За верность закону» III степеннээх бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: