“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан, билиҥҥи олох- дьаһах сайдыытын эйгэтин көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр, тус бэйэни кытта сыһыаҥҥа киирэр дьикти уруогу көрдүм: бу түгэҥҥэ үгэс курдук туттуллар “уруок” диэн өйдөбүлү туттарга сөп эбитэ дуу диэн саарбахтаан ылабын.
Дьэ, кырдьык, дьикти сэһэннээх дьарык буолла. Дьарык диэн тылы туттар бу түгэҥҥэ ордук сөп түбэһэр курдук. Дьарыгы 3 кылааска Валентина Семеновна Поскачина тэрийэн ыытта. Ити этиллибит санааттан ыйытыы үөскүүр: биһиги бары билэр-өйдүүр билии- көрүү ис хоһоонноох уруокпутуттан туох дьикти уратылаах дьарык буолла диэн мин тус бэйэм куппун-сүрбүн долгутта уонна уһугуннарда. Бу тутан ылбыт санаам арахпакка эрэйдээтэ. Миэхэ үөскээбит бастакы ыйытык: бу үгэс буолбут билии-көрүү уруога дуо? Иккис ыйытык: билии- көрүү уруога буолбатах буоллаҕына, бу туох ураты өйдөөх-санаалаах дьарыга буолла? Тэриллибит дьарыкка саамай сүрүн кыттааччы кимий: учуутал – билиини биэрээччи? Эбэтэр оҕо сайдар сааһын уратытынан тус бэйэтин кытта сыһыаҥҥа киирэр үөрэнээччи бэйэтэ дуу? Хардата биир – үөрэнээччилэр бэйэлэрин бэйэлэрэ үөрэтэллэр.
Бу сэдэхтик көстөр билиҥҥи саҥа кэм көстүүтэ. Быыһык уларыйыы кэм уратыта. Ол аата тугуй диэн бэйэҕэ ыйытыы биэрдэххэ хардата бу курдук дии саныыбын. “Киҥкиниир киэн Куйаар” – “Сир” – “Киһи” бэйэ – бэйэлэригэр дьайсар ситим күүстэрин ньигирэ, сайдыыта 5-с таһымтан 6-с таһымҥа тахсар кэмэ. Ол аата, мин өйдүүрбүнэн, ити этиллибит эйгэлэр бэйэ-бэйэлэригэр дьайсар сыһыаннара күүстээх тыыннаах буолан, дьон сыһыаныгар баар ураты көстүүнү арыйан, дьон өйө-санаата уһуктар ураты айылгытын арыйан биэрэллэр. Ол туһунан биһиэхэ ураты кыахтаах, ураты дьоҕурдаах, ураты аналлаах Л.А. Секлитова уонна Л.Л.Стрельникова этэллэр, кэпсииллэр, суруйаллар. Ити курдук уларыйыы, бу ааптардар этэллэринэн, 1990 сыллартан саҕаламмыта. 90-с сыллары бэйэҕит санаан көрүҥ. Орто дойдуга кэлбит киһи анала – олохтон бэйэтин үөрэтэр үөрэнээччи буолан, тус бэйэтин кутун-сүрүн сыһыан араас эйгэтигэр сайыннаран, олох умсулҕанын үөһүгэр бииртэн биир ситиһиигэ дабайан иһиэхтээх.
Духуобунас сайдыытын үйэтигэр
Кэм ирдэбилинэн, оскуола олоҕор кытаанахтык иҥмит такайан үөрэтии майгытын уларытан, тус бэйэни сайыннарар, ол аата духуобунас тыыннаах тус бэйэтэ кутун-сүрүн уһугуннарар үөрэх акылаата түһүөхтээх. Ол тугуй диэтэххэ – оҕо ураты тыыннаах өй-санаа уонна дьарык эйгэтин тэрийии. Чопчулаан эттэххэ, үөрэх өйдөбүлэ, сэһэнэ, тосхоло, ис хоһооно, тэрийэр ньымата, киэбэ – барыта оҕо өйүгэр-санаатыгар уйдаран тэриллэрэ ирдэниллиэхтээх. Үөрэх эйгэтин бары хайысхата сайдыы эйгэтин хааччыйара, ол эбэтэр бу санааны өссө ыга тардан чопчулаан эттэххэ, киһи утумнаахтык уонна ис хоһоонноохтук тус бээйтин кутун сайыннарыахтаах. Ону баара күн бүгүнүгэр диэри ситэрэн- хоторон өйдөөбөккө, Я.А.Коменскай төрүттээбит “кылаас- уруок” өйдөбүлүн ( хас үйэ ааста!) торуоска курдук тутуһан, кэм уларыйыытын тэтимиттэн түһэн, биир сиргэ тэпсэҥнии турар хаалыыны үөскэтэбит дии саныыбын. Билигин духуобунас сайдыытын үйэтэ, онон бу – сүрүн кыһалҕа. Ол быһаарыллар ньымата — үөрэх эйгэтин уларытан киһиэхэ өй-санаа уонна дьарык эйгэтин тэрийии. Оттон үөрэтэр биридимиэттэр ис хоһооннорун көмө күүс курдук өйдөөн туһанарбыт биһиги сайдыы суолунан барарбыт мэктиэтэ эрэ. Дьэ, оччоҕо киһи кута- сүрэ уһуктан, тус бэйэтигэр эргиллэн, бэйэтин кытта “үлэлииригэр” өйө – санаата уһуктуо этэ. Бу — билиҥҥи саҥа кэм, эйгэ ирдэбилэ буолла. Ол холобурунан мин сылдьыбыт уруогум — Валентина Поскачина ыыппыт дьарыга буолар.
Дьарык тус бэйэни эрэ кытта буолбакка, кылаас оҕотун барытын кытта сыһыан эйгэтигэр киирэн, өй-санаа дьарыгар тус бэйэ кутун-сүрүн “үлэҕэ таһаарыыта” буолла. Үөрэнээччи, о.э. бэйэтин үөрэтэр үөрэнээччи, тус бэйэтэ буһаран- хатаран таһаарбыт өйүн- санаатын кылаас оҕотун өйүн- санаатын кытта алтыһыннаран, бары тус бэйэлэрин өйдөбүллэрин туталларыгар Валентина Семеновна киһи сөҕүөх курдук айылгылаах дьарык ыытыытын баһылаабыт методолог ( эйгэ тэриллэр ньыматын), социотехник (үөскээбит эйгэни түгэнтэн көрөн уларытан биэрэр кыахтаах), коммуникатор (ханнык баҕарар эйгэҕэ сатаан сыһыаҥҥа киирэн алтыһар кыаҕы үрдэтэр) билиҥҥи саҥа кэм уһуйааччы-учуутала буолар таһымын көрдөрдө. Дьарык ыытыллыбыт сүрүн ньымата – тус бэйэҕэ эргиллии.
Куорат оскуолаларыттан барыларыттан”Прометей” түөлбэҕэ бу Н.И.Шарин аатын сүгэр эдэр саҥа оскуола, мин өйдүүрбүнэн 2-с эрэ сылын үлэлиир. Саҥа кэлэктиип бэйэтин үлэтин саҥатык саҕалааһына киһини үөрдэр- сэҥээрдэр уонна инникигэ эрэл санааны түстүүр дии саныыбын.
“Эркээйи эргиирэ”
Бу саҥа оскуола сайдыы эйгэтин олоҕун түһэрэр өссө биир саҕалааһынын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Быйыл сайын 11-с С.Н. Донской аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институт этиитинэн Мэҥэ – Хаҥалас Майатыгар педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы олоххо киллэрэ сылдьар үөрэх тэрилтэлэрин уопутун истэр, кэтээн көрөр уонна салгыы дириҥэтэргэ сүбэ биэрэр аналлаах былаһаакка бастакы сылын үлэлээтэ. Тэрээһиҥҥэ 2021, 2023 сылларга СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин статуһун ылбыт 30 үөрэх тэрилтэтэ, ол иһигэр 12 оскуола, 16 дьыссаат, 2 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ “ Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы олоххо киллэриигэ туһуламмыт үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Былаһаакка үлэтигэр “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама ааптардарын кытта Дьокуускай куорат “Прометей” түөлбэтин оскуолатын учуутала – оскуола тутулунан – алын сүһүөх кылаастар салайааччыта, өй-санаа уонна дьарык эйгэтин олоххо киллэрсибит ааптардартан биирдэстэрэ А.А. Шишигина кыттыыны ылан, былаһаакка үлэтин торумнуурга улахан төһүү күүс буолан, сэргэхситиини киллэрбитин бэлиэтиир сиэрдээх сыһыан диэн сыаналыыбын. Антонина Алексеевна ис хоһоонноох ыйытыктара “ “Эркээйи эргиирэ” хамсааһын дьиҥ ис сыалын — соругун кыттааччылар тутан ылалларыгар улахан төһүү буоллулар. Ыйытыы эрэ барыта сайдыы тыыннаах буолбатын истээччилэр элбэх көлөһүннэрэ тахсан өйдөөбүттэрэ диэтэххэ омун буолбатах. Тус бэйэҕэ эргиллии кистэлэҥ ньыматын өйдөөн, бу “Эркээйи эргиирэ” хамсааһын дьиҥ ис хоһоонугар дьиҥ киирии төрүтэ саҕаланна диэххэ сөп. Истээччилэр этэллэринэн, Антонина Алексеевна бэйэни бэйэҕэ эргилиннэрэр ыйытыктара киһи көлөһүнүн ирдиир ураты ньыма эбит диэн сыаналаабыттара оруннаах. Антонина Алексеевна үөрэх эйгэтигэр киһи, омук тыыннаах, духуобунас эйгэлээх саҥа оскуола үөскүүр акылаатын түһэрсибит методолог, социотехник, коммуникатор сатабыллаах уһуйааччы учуутал, Антонина Алексеевна, кыаҕын толору туһаҕа таһаарар киһи сайдыы киэҥ далааһыннаах тэтимэ өссө күүһүрүө да этэ.
Саҥа кэм сэһэнэ
“Прометей” түөлбэ Н.И Шарин аатынан орто оскуолата үөрэх эйгэтигэр – саҥа кэм сэһэнин – киһи (омук тыыннаах үөрэх эйгэтин акылаатын түһэрэн эрэр саҕалааһына киһини үөрдэр- кынаттыыр, эрэннэрэр), омук, чөл доруобуйа, киһи олоҕун айана диэн үс күлүүс өйдөбүл киһиттэн, оҕоттон бэйэтиттэн тутулуктааҕын, оҕо бэйэтэ оҕо сааһыттан өйдөөн, билиҥҥи кэм таһымыттан олох ураты туспа көрүүлээх- сайдыылаах киһи буолара биһиги хайдах үөрэх эйгэтин талан ыларбытыттан тутулуктаах. Оҕо кутун- сүрүн сайыннарар духуобунас тыына — оскуола дьиҥ соруга — сүрүн кыһалҕата. Бу дьайыы бастакы акылаата түһэн, төрүтэ үөскээн ача от курдук кырыстаныа диэн үөрэ эрэнэбит.
В.Е.Степанова , философия билимин хандьыдаата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: