Салгыы
“Прометей” түөлбэ оскуолатын тутуута 99% бэлэм

“Прометей” түөлбэ оскуолатын тутуута 99% бэлэм

11.11.2022, 10:20
Бөлөххө киир:

СӨ тутууну уонна олорор дьиэни кэтээн көрөр судаарыстыбаннай управление салайааччытын бастакы солбуйааччы Влад Пермяков “Прометей” түөлбэҕэ оскуола тутуутун хаамыытын уонна Пригороднай сэлиэнньэтигэр 12-с нүөмэрдээх оскуола эбии дьиэтин тутуутун билистэ. Бу туһунан управление пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Дьокуускай куорат “Прометей” түөлбэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан 990 миэстэлээх, 13 тыһ. кв.м. иэннээх оскуола тутуута түмүктүүр түһүмэххэ сылдьар. Бырайыак быһыытынан оскуола икки успуорка саалалаах, үҥкүүлүүр саалалаах, 330 миэстэлээх остолобуойдаах, гримернай уонна көстүүм хостордоох 250 миэстэлээх аактабай саалалаах, мэдисcиинэ блоктаах, мастарыскыайдаах. Таһыгар эрэһиинэ бүрүөһүннээх стадионнаах, сүүрэр ыллыктаах уонна оҕолор сынньанар миэстэлэрдээх буолуохтаах.

Билигин оскуолаҕа бэлэмниир-холбуур (пуско-наладочный) үлэтэ, баһаартан сэрэхтээх буолуу сигнализацията холбонор, миэбэли уонна тэрили таҥаллар. Эбийиэк тутууга бэлэмэ 99% тэҥнэһэр”, — диэн Влад Пермяков этэр.

Пригороднай сэлиэнньэтин 12-с нүөмэрдээх оскуолатын үс мэндиэмэннээх эбии дьиэтин тутууга кирилиэһин хаххатын, иһинээҕи ааннары таҥаллар, дьиэ үрдүн тардаллар, бэлэм кэбиниэттэргэ тэрили уонна миэбэли бэлэмнииллэр.

Салҕааһын дьиэҕэ аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт үөрэнэр хостору сэргэ кинигэни мунньар хостоох бибилэтиэкэ, мэдиссиинэ кэбиниэтэ, 160 миэстэлээх эбиэттиир саала, 300 миэстэлээх аактабай саала, успуорт уонна муусука саалалара итиэннэ үҥкүүнэн дьарыктанар саала баар буолуохтара. Оскуола таһыгар успуорт былаһааккатын бэлэмниэхтэрэ.

Тустаах эбийиэккэ тутуу үлэтэ хойутааһына суох кыраапык быһыытынан барар. Үлэ хаачыстыбалаах уонна болдьоҕор бүтэрин туһугар бары ирдэнэр ыйыылар бэриллибиттэрэ. Сэтинньи 22 күнүгэр диэри бырагыраамалаах бэрэбиэркэ ыытыллар”, — диэн Влад Пермяков бэлиэтиир.

Санатан эттэххэ, үөрэх тэрилтэлэрэ “Үөрэх” национальнай бырайыак  “Аныгы оскуола”  эрэгийиэннээҕи бырайыак иитинэн тутуллаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: