ПСБ Дьокуускайга «Үп-харчы кэмэ» биисинэс-оонньууну ыытта
ПСБ Дьокуускайга «Үп-харчы кэмэ» диэн ПСБ академията оҥорбут дьыалабыай оонньуутун ыытта. Бу тэрээһин баан бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрин үлэһиттэрин үпкэ-харчыга сыһыаннаах билиилэрин үрдэтиигэ туһуланна.
Оонньуу кэмигэр кыттааччылар үп араас балаһыанньатын көрдүлэр уонна итини сайыннаран, ылыныллар быһаарыылар дьиҥ олоххо суолталарын чопчулаатылар. Тус үбү-харчыны салайыы үөрүйэхтэрин сайыннарыыга улахан болҕомто уурулунна. Ону тэҥэ иэһи-күүһү хонтуруоллааһыны, үпкэ куттал суох буолуутун хааччыйыыны, харчыны мунньунарга уонна капиталы хаҥатарга баан өҥөлөрүн көдьүүстээхтик туһаныыны.
«ПСБ бэйэтин килийиэннэрин үпкэ билиилэрин үрдэтиигэ ураты болҕомтотун уурар уонна кинилэр дьиҥ олоххо экономикаҕа сыhыаннарын үөрүйэхтэрин бөҕөргөрүүгэ көмөлөһөр». Бүгүн «Үп-харчы кэмэ» оонньуу кэмигэр кыттааччылар үпкэ ыарахан түгэннэргэ харчыны харыстааһыҥҥа уонна мунньунууга көдьүүстээх сыhыаны торумнаатылар. Биһиги бу форматы биһирээбиттэрин биллибит уонна маннык оонньуулары салгыы ыытыахпыт», — диэтэ ПСБ Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи дириэктэрэ Людмила Клюско.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: