Салгыы
ПСБ: дьыалабыай көхтөөх буолуу таһымынан Саха сирэ Уһук Илин ТОП-3 эрэгийиэнин иһигэр киирдэ

ПСБ: дьыалабыай көхтөөх буолуу таһымынан Саха сирэ Уһук Илин ТОП-3 эрэгийиэнин иһигэр киирдэ

Ааптар:
05.03.2024, 14:20
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

2023 сыл 4 кыбаарталын түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьыалабыай көхтөөх буолуутун индексэ RSBI 54,1 пууҥҥа тэҥнэстэ   уонна Уһук Илин федеральнай уокуругар Бүтүн Арассыыйатааҕы көрдөрүүнэн (53,1 пуун) бастыҥынан буолла. RSBI  индексинэн үс иһигэр өссө Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Хабаровскай кыраай киирдилэр. 

Саха сиригэр үүнүүнү хамсатааччынан атыылааһын уонна кирэдьиити биэрии балаһыанньата тупсубута буолла. МСП батарыы ааспыт кыбаарталлааҕар тэтимнээх уонна Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн быдан үрдүк (44 пуун).  Арассыыйа орто көрдөрүүтүнээҕэр атыылааһын балаһыанньата быдан үчүгэй. Дьоҕус уонна орто биисинэс тэрилтэлэрин бу кэмҥэ муҥутуур чинчийиигэ  респондент 29% атыылааһын үрдээбитин бэлиэтээтэ.  Хампаанньалар  22 % эрэ аахсыбыт үптэрэ аччаабытын бэлиэтииллэр, бу историческай өттүнэн намыһах көрдөрүүнэн буолар.

2023 сыл 4 кыбаарталын түмүгүнэн “Кирэдьииттэр” компоненнар тирэхтээхтик үрдээбиттэр – 56,7 пуунунан. Бу көрдөрүү дьоҕус уонна орто биисинэскэ үбүлээһин тиксимтиэ буолуутун уонна кирэдьиит ыларга усулуобуйа үчүгэйин көрдөрөр. Ол курдук, ыйытыллыбыт дьонтон 22 %  отчуоттаммыт кыбаарталга иэс ыларга бигэргэтиини ылбыт эбэтэр хайы-үйэ кирэдьииттээхтэр. Чинчийии түмүгүнэн ааспыт сыл 4 кыбаарталыгар өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын  24 % иэс ылбыт харчылаахтар  этэ эбэтэр кирэдьииттэрин сайаапкалара бигэргэммит. Маныаха УИФУо иэс ылааччылар астыммат буолууларын көрдөрүүтэ икки төгүл аччаабыт: урбаанньыттар 5 % ханнык эрэ биричиинэнэн үбүлээһиҥҥэ тиксибэтэхтэр.

Дьоҕус уонна орто биисинэс кирэдьиит бартыбыалын улаатыыта 4 кыбаарталга эргитэр үптэрин толорууга кэмнээ5и наадыйыыны кытта сибээстээх, сыл түмүктэниитигэр күннээҕи үлэлэрин-хамнастарын ыытыыга уонна 2024 сыл саҕаланыытыгар былааннарын олоххо киллэриигэ.

Ааспыт сыл бүтүүтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ инвестицияны тардыбыттара бэлиэтэнэр.  Ыйытыллыбыт урбаанньыттартан  18 тахса % бэйэлэрин тэрилтэлэрин сайдыытыгар инвестициялаабыттар.

Каадровай компонента 4 кыбаартал түмүгүнэн  орто кэрчиккэ сылдьыбыта уонна 50,6 пууҥҥа тэҥнэспитэ. Ол курдук, респонденнар 18 % чугастааҕы кэмнэргэ бэйэлэрин биисинэстэригэр үлэһиттэри наймылаһыылара улаатарын күүтэллэр. Маныаха МСП бэрэстэбиитэллэрэ үлэһити сарбыйыыны былааннаабаттар: хампаанньалартан  4% эрэ үлэhит дьон  ахсаана аччыан сөп.

2023 сылга МСП-ларга регион  да иһигэр, Арассыыйа да үрдүнэн, үлэлэрин тутаах хайысхатынан цифровизация буолла. Ыйытыллыбыт дьонтон  32 %  цифровой өттүнэн үлэлэспиттэр, 26 % бу ахсаантан  эрэгийиэҥҥэ кэҥиир кыахтаммыттар, оттон респонденнар 13 % онлайн тахсыбыттар эбэтэр маркетплейстарга.

Ыспыраапка: Индекс RSBI — ПСБ уонна дьоҕус уонна орто урбаан Бүтүн Арассыыйатааҕы   “Опора России” уопсастыбаннай тэрилтэтин чинчийиилэрэ. Кэтээн көрүү Арассыыйа биисинэһин дьыалабыай өттүнэн көхтөөх буолуутун туругун сүрүннээн кэтиир, ону тэҥэ салааларынан уонна дойду кэккэ эрэгийиэннэригэр компоненнарынан хампаанньалар настарыанньаларын көрдөрөр.  Индекс 50 пуунун аһарар буоллаҕына дьыалабыай көхтөөх буолуу үүнүүтүн, намыһах буоллаҕына – мөлтөөһүнүн бэлиэтиир. “Индекс RSBI” бырайыак сыала — эспиэрдэр холбоһуктарыгар, урбаанньыттарга бэйэлэригэр уонна өйөбүл институттарыгар МСБ дьиҥнээх туругун туһунан хайдах баарынан иһитиннэрии. 9 компоненынан мээрэйдэнэр: биисинэстэн көдьүүһү ылыы, атыылааһын уонна барыс, батарар сыана, бэйэҕэ турар сыаната, каадырдар, килийиэннэр ахсааннара, үбүлээһин тиксимтиэ буолуута, саппаас уонна инвестиция балаанса, оттон кэтээн көрүү экэниэмикэ балаһыанньатын көрдөрөр бэлиэнэн буолар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: