Өрөспүүбүлүкэ Эргиэн-бырамыысыланнас палаататын көҕүлээһининэн “Дьыалабыай Саха сирэ” анал бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн ПСБ Нам улууһугар урбаанньыттарга баан инструменнарын хайдах туһаныахха сөбүн көрдөрдө.
Баан эспиэрдэрэ улуус урбаанньыттарыгар ПСБ көмөтүнэн хайдах бэйэ дьыалатын арыйар, эргиэн эквайринын эбэтэр интэриниэт-эквайринын холбуур туһунан кэпсээтилэр. Ону тэҥэ бааҥҥа расчетнай-каасса хааччыйыытын усулуобуйаларын, “Катюша” виртуальнай биисинэс-аккаунт үлэтин кытта билиһиннэрдилэр, ПСБ саҥа кирэдьиит бырагыраамалара туох ордуктааҕын быһаардылар.
“Саха сиригэр ПСБ эрэгийиэн урбаанньыттарын холбоһугар эргиччи өйөбүлү оҥорор. Өрөспүүбүлүкэ Эргиэн-бырамыысыланнай палаататын кытта көһө сылдьар үөрэтэр-сырдатар бырагыраамалар чэрчилэринэн биһиги улуус уопуттаах уонна саҥа саҕалыыр урбаанньыттарыгар баан хайдах кинилэргэ биисинэстэрин сайыннарарга билиилэрин кэҥэтэбит, биисинэскэ соруктарын быһаарарга көмөлөһөбүт. Бу, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ улуустарын дьыалабый көхтөрүн сайыннарыыга, саҥа биисинэс уонна үлэ миэстэлэрэ тахсарыгар, оройуоннарга экэниэмикэ балаһыанньатын тупсарыыга төһүү буолар”, — диэн Дьокуускайга ПСБ эрэгийиэннээҕи дириэктэрэ Людмила Клюско эттэ.
Баан исписэлиистэрэ үрдүкү кылаастарга Н.С.Охлопков аатынан Нам улууһунааҕы гимназияҕа үпкэ-харчыга сыһыаннаах дьарыгы ыыттылар. Людмила Клюско үөрэнээччилэргэ киһи үпкэ тус стратегиятын, үп инструменнарын уонна хайдах харчыны мунньар, ПСБ оҕолорго баан каартатын туһунан кэпсээтэ.
Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин дьиэ кэргэттэригэр анаан “СВОи” элбэх көрүҥнээх электроннай дастабырыанньа-каарта туох туһалааҕын туһунанбилиһиннэрдилэр.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038