ПСБ Саха сиригэр быйыл “Дьокуускай-Өлүөнэ очуостара – Дьокуускай” туһаайыынан “Демьян Бедный” теплоходунан айанныы сылдьан ыытыллыбыт “Биисинэс – дьиэ кэргэн дьыалата” өрөспүүбүлүкэтээҕи IV пуорумҥа кытынна. Тэрээһини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Эргиэн-бырамыысыланнас палаатата, “”Мин биисинэһим” эрэгийиэннээҕи киин уонна Экспоры өйүүр киин тэрийдилэр.
Пуорум кыттыылаахтарыгар ПСБ эспиэрдэрэ ПСБ Академията торумнаабыт “Үп—харчы кэмэ” үп-дьыалабыай оонньуутун ыыттылар. Оонньуу кэмигэр кыттааччылар харчыны уурунууга үп-харчы садаачаларын суоттаатылар, кирэдьиит ноҕуруускатын көдьүүстээхтик салайыыга үөрэннилэр, тус үбү салайыы моделын ырыттылар, эбии дохуоту ылыыга уонна хапытаалы хаҥатыыга наадалаах инструменнары үөрэттилэр.
Пуорум дьыалабыай бырагырааматын кэмигэр баан “Биисинэ — объектив хараҕынан. Дьиэ кэргэн биисинэһэ” хаартыска быыстапкатын көрдөрдө. Бу быыстапка өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик үлэлиир, дьиэ кэргэнинэн биисинэһинэн дьарыктанар ыалларга ананна. Бу кыһыл көмүһү хостооччулар, тутуу уонна отделкалыыр матырыйааллары оҥорооччулар, бытархай уонна кууһунан атыылааччылар, национальнай киэргэллэр дизайнердара, стоматология клиникаларын бас билээччилэр, оҕолору иитэр-үөрэтэр кииннэр.
“ПСБ Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарыгар биисинэс-бырайыактарын олоххо киллэриигэ, эрэгийиэн брендин хамсатыыга көхтөөхтүк көмөлөһөр. Пуорум былаһааккатыгар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар хардарыта эрэнсиигэ уонна өйөбүлгэ олоҕурбут, бэйэ дьыалатыгар уопсай сыалларга уонна тапталга олоҕурбут дьиэ кэргэн биисинэһинэн дьарыктанааччылар тустарынан эрэ буолбакка, биһиги килийиэннэрбит уонна бииргэ үлэлэһээччилэрбит үпкэ-харчыга билиилэрин таһымын үрдэттибит. Дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр уонна биисинэһи ыытыыга бу олус туһалаах уонна дьоһун суолталаах билиилэр эбээт”, — диэтэ ПСБ Дьокуускайга эрэгийиэннээҕи дириэктэрэ Людмила Клюско.
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…