ПСБ Саха сиригэр Үс Хатыҥҥа бэс ыйын 29-30 күннэригэр Туймаада ыһыаҕар» генеральнай успуонсар буолбута. Быйыл «Туймаада ыһыаҕа -2024» Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылларыгар анаммыта.
Бырааһынньык тэрээһиннэрин чэрчитинэн «Бизнес в объективе. Семейный бизнес» хаартыска быыстапкатын биһирэмэ буолла. Хаартысканан быыстапка дьоруойдара — дьиэ кэргэн биисинэһин бэрэстэбиитэллэрэ, кинилэр кыһыл көмүһү хостууллар, бырайыактыыр үлэнэн дьарыктаналлар, тутуу матырыйаалларынан, кууһунан уонна бытархай атыынан дьарыктаналлар, стоматологическай килииникэни, оҕону иитэр-үөрэтэр кииннэри арыйаллар, национальнай киэргэллэргэ уонна уһанар мастарыскыайдарга бэйэлэрин бреннэрин сайыннараллар. Баан хаартысканан бырайыагын партнердарынан өрөсрүүбүлүкэҕэ Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата, Саха сирин Эргиэн-бырамыысыланнай балаатата уонна «Мин биисинэһим» биисинэһи өйүүр эрэгийиэннээҕи киин буоллулар.
Баан былаһааккатыгар биисинэс түмсүүтэ Саха сиригэр дьиэ кэргэн биисинэһин тэрийиигэ уонна ПСБ үп-харчы кыахтарын урбааны сайыннарыыга туһаныыга сэргэхтик дьүүллэстилэр. Дьүүллэһии кыттыылаахтарынан «Бизнес в объективе. Семейный бизнес» хаартыска быыстапкатын бырайыагын кыттыылаахтара, баан килийиэннэрэ, Эргиэн-бырамыысыланнас балаататын, Саха өрөспүүбүлүкэтин урбаанын сайыннарыыга пуондатын, «Саха сирин тутааччыларын сойууһа» ассоциация эспиэрдэрэ буоллулар.
«Туймаада Ыһыаҕа — өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун түмэр төрүт бырааһынньык, өрөспүүбүлүкэ иһигэр уонна тас да өттүгэр. Сыллата бу бырааһынньык араас саастаахтары бииргэ түмэр, ону саха норуота диэн ааттыыллар. Бырааһынньыкка саха норуотун төрүт уонна култуураҕа үгэстэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэллэр. Биһиги бааммыт дьоһун суолталаах социальнай суолталаах бырайыактары өйүүр уонна социальнай аналы тутуһар.Ол иһин Туймаада Ыһыаҕар биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна дьиэ кэргэн биисинэһигэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Саха сирин экэниэмикэҕэ кыаҕын сайыннарыыларыгар анаатыбыт«,— диэтэ ПСБ Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи дириэктэрэ Людмила Клюско.
«Туймаада Ыһыаҕын бырааһынньыгар бастайааннай успуонсардар, меценаттар бааллар, кинилэр өрөспүүбүлүкэбит национальнай-култуурунай сүрүн түгэнин сыл аайы өйүүллэр. Бу испииһэккэ ПСБ бочуоттаах испииһэккэ киирбитэ олус үөрүүлээх. ПСБ Саха сиригэр салалтатын уонна кэлэктиибин саха норуотун үйэлээх үгэстэригэр болҕомтотун уонна ытыктабылын иһин махтанабыт«, — диэтэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.
«Бизнес в объективе. Семейный бизнес»— Арассыыйаҕа дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэригэр анаммыт » Бизнес в объективе» баан киэҥ хабааннаах хаартысканан бырайыагын сорҕотунан буолар. Хаартыска бырайыага дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар урбаан оруолун тэнитиигэ саамай табыллыбыт бырайыагынан буолла. Ону тэҥэ «ПСБ для МСБ» биисинэһи өйүүр бырагыраама сорҕотунан буолар. Уонна урбаанньыттарга килийиэннэри тардыыга көмөлөһөр. Бырайыак 10 сыл үлэлээбитин тухары Арассыыйа бүттүүнүн сиригэр-уотугар 800-тэн тахса хаартысканан үлэлэри көрдөрдө.
Хаартыскалар ПСБ тиксэриилэрэ
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…