Психологическай көмөнү оҥоруу туһунан

Психологическай көмөнү оҥоруу туһунан

Ааптар:
06.10.2023, 19:15
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан, байыастарга уонна кинилэр чугас дьонноругар социальнай, мэдиссиинискэй уонна психологическай көмөнү оҥоруу тиһиктээхтик салҕанар.

Бүгүҥҥү күн туругунан федеральнай уонна эрэгийиэн таһымнаах быһаарыыны эрэйэр  3 179 этии киирбит. Итинтэн  2 928 көрүллүбүт, 251 көрүллэр. Бу туһунан бүгүн, алтынньы 6 күнүгэр, брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

Маны сэргэ, кини 322 байыас уонна кинилэр аймахтара — 581 киһи чөлгө түһүүнү ааспыттар. 125 киһи санаторийга, куруорка эмтэммит.

«Бу нэдиэлэҕэ сыл ахсын ыытыллар психологтар пуорумнара буолла. Биһиги балачча улахан боппуруостары көтөхтүбүт. Дойду бастыҥ психологическай структураларыттан научнай-мэтэдиичэскэй өйөбүл туһунан кэпсэтии ыытылынна», — диэн эттэ Ольга Балабкина. Пуорумҥа Арассыыйа эспиэртэрэ, ол иһигэр суһал психологическай көмө Киинин дириэктэрэ Юлия Шойгу кыттыбыт.

Бу туһунан сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3373036  ааҕыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: