Психологическай киин байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбиттэри кытары үлэтин күүһүрдэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин анал байыаннай дьайыылартан кэлбит дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин кытары үлэни күүһүртэ диэн бүгүн брифиҥҥэ киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
«Барыта 5100 киһиэхэ психологическай сүбэ-ама оҥоһулунна. Бырааһынньыктар өрөбүллэрин аахсыбакка, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 100-н тахса киһинэн элбээтэ», – диэн Владимир Скрябин бэлиэтиир.
Киин аны анал байыаннай дьайыылартан бүтэн кэлбит дьону уйулҕаларын чөлүгэр түһэрэргэ үлэни тэрийэн эрэрин иһитиннэрдэ. «Байыаннай сулууспалаахтар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ эмтиир-психологическай маршрутизация ырытыллан оҥоһулунна. Бастакы түһүмэҕэ – мэдиссиинискэй. Ол кэнниттэн, иккис түһүмэҕинэн – психологическай өйөбүл буолар. Ол эмтэнии кэнниттэн буолар, наада буоллаҕына – невролого-психиатрическай, фармакологическай комплексы кытары холбоон уһуннук барыан сөп», – диир кини.
Ким көмөҕө наадыйар өрөспүүбүлүкэ психологическай көмөтүн «итии лииньийэтигэр» 122-6-2 эбэтэр 8-800-100-35-50 төлөпүөнүнэн билсиэххитин сөп (хонугу эргиччи, анонимнай). Онтон Дьокуускай куоракка сирэй көрсөн кэпсэтии уонна филиаллар контактарын туһунан 31-91-09 төл. билсиэххитин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: