Салгыы
Психологическай сулууспа көмөтүн күүһүрдүү тоҕо нааданый?

Психологическай сулууспа көмөтүн күүһүрдүү тоҕо нааданый?

29.09.2022, 18:00
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр быстах байыаннай хомуур кэмигэр психологическай сулууспа көмөтө күүһүрэр.

Быстах хомуур кэмигэр өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр социальнай-психологическай көмөнү тэрийии боппуруостара нэһилиэнньэ уйулҕатын харыстабылыгар үлэлэһэр биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕар көрүлүннэ. Мунньаҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Ольга Балабкина ыытта.

Нэһилиэнньэҕэ социальнай-психологическай көмөнү оҥоруу СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан күүһүрдүллэр. Психологтар көмөлөрө хас да хайысханан ыытыллара наада. Ким эрэ бэбиэскэни туппут эбэтэр тутуохтаах чугас дьонун туһугар долгуйар. Кимиэхэ эрэ мобилизацияламмыт аҕатын ахтар, чуйкуйар оҕотугар уйулҕа үөрэхтээҕин көмөтө  наада буолар. Өссө биир суолталаах хайысханан – демобилизацияламмыт гражданнар реабилитацияланалларыгар психологическай көмө наада буолар, — диэн этэр Ольга Балабкина.

Өрөспүүбүлүкэҕэ демобилизацияламмыт гражданнарга медико-психологическай чөлгө түһэрии бырагыраамата бигэргэтилиннэ.

Уйулҕаҕа өйөбүлү оҥорууга улахан үлэ байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар. «122» нүөмэргэ «суһал лиинийэҕэ» киирбит ыйытыыларга уйулҕа үөрэхтээхтэрэ хоруйдууллар.  Уопсастыбаннай палаата мобилизацияҕа барар дьоҥҥо көмө быһыытынан сүрүннүүр киини тэрийбитэ. Манна психологтар эмиэ үлэлэһэллэр. Үлэ күнүгэр +7 (4112) 31-91-09 төлөпүөҥҥэ эрийиэххэ сөп. Сүбэ-ама ыларга Дьокуускай куорат Курашов уул. 36 нүөмэригэр тиийиэххэ сөп.

Хамыыһыйа мунньаҕар дьон-сэргэ сүбэҕэ-амаҕа наадыйыыта элбээбитинэн, уйулҕа үөрэхтээхтэрин ахсааннарын элбэтэргэ быһаарыы ылылынна. Маны сэргэ, хардарыта сибээстээх үлэ ситимин бэрээдэктээн биэрэргэ, психологтар улуустарга тиийэ дьоҥҥо-сэргэҕэ өйөбүлү, көмөнү оҥорор үлэлэригэр сыһыаннаах боппуруостар көрүлүннүлэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: