Салгыы
Психологтар Аһаҕас аан күнүн тэрийэллэр

Психологтар Аһаҕас аан күнүн тэрийэллэр

19.11.2024, 16:58
Хаартыска: Кииннэммит бибилэтиэкэлэр ситимнэрэ.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 24 күнүгэр, баскыһыанньаҕа, «Смарт» бибилэтиэкэҕэ психологтар Аһаҕас аан күнүн ыытыахтара. Киириитэ босхо.

Хаартыска: Кииннэммит бибилэтиэкэлэр ситимнэрэ.

Аһаҕас аан күнүн бырагырааматыгар 20-тэн тахса маастар-кылаас буолуоҕа. Маастар-кылаастар сарсыарда 11 чаастан киэһэ 5 чааска диэри, хас чаас аайы 4 хоско тэҥинэн буолуохтара.

Манна түргэн диагностиканы ааһыахха, консультацияны ылыахха сөп. Барыта 30-ча психолог үлэлиэҕэ. Психология туһунан быыстапка баар буолуоҕа.

Маны тэҥэ, баҕалаах дьон БОС-эрчиллиигэ, ол эбэтэр, ньиэрбэ систиэмэтин эрчиллиитигэр дьарыктаныахтарын сөп.

Аһаҕас аан күнэ —  психология араас хайысхаларын кытта билсиһэргэ кыах биэрэр. Элбэҕи билиэххэ, кыһалҕаны быһаарарга хардыыны оҥоруохха сөп, — диэн бырайыагы сүрүннээччи, психологическай наука хандьыдаата Мария Нафанаилова этэр.

Бу тэрээһини «Этичные и смелые» диэн психологтар, коучтар түмсүүлэрэ тэрийэр.

Аһаҕас аан күнүгэр туох да регистрацията суох кэлиэххэ сөп, тэрээһин киириитэ босхо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: