Психологтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьоннорун кытта көрсөллөр
17.11.2022, 16:35
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин 3 тыһыынча киһиэхэ — быстах байыаннай хомуур кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьоннорун кытта сирэй көрсөн, сүбэ-ама биэрдэ.
Барыта 600-тэн тахса уйулҕа исписэлииһэ дьону кытта уонна «122» итии лииньийэ нөҥүө үлэлиир. Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ киин салайааччыта Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. Салайааччы бэлиэтээбитинэн, уйулҕа исписэлииһигэр наадыйааччы эр дьон уонна дьахтар ахсаана тэҥ. Кинилэртэн үгүстэрэ быстах байыаннай хомуур кыттыылаахтара уонна ийэлэр барахсаттар.
«Сирэй көрсөн кэпсэтиэн баҕалаах үгүс. Сүрүннээн ыҥырыллыбыт дьон ийэлэрэ уонна кэргэннэрэ. Аҕалар эмиэ долгуйаллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ биэс аҕа кэлэ сырытта. Хоту сир дьоно аймалҕаннарын, долгуйууларын үксүгэр истэригэр тута сылдьаллар, биһиэхэ ыксаан кэлэллэр. Уопуттаах психологтар Курашов 36 аадырыска үлэлииллэр. Уоннааҕы үлэһиттэр биһиги филиалларбытыгар улуустарга үлэлииллэр. Маны таһынан, мобилизацияҕа түбэспит дьон оҕолорун кытта ыкса үлэлиибит. Оҕолор ийэлэрин долгуйууларын, айманалларын көрө сылдьар буолан, олус чугастык ылыналлар, куттаналлар», — диэн Владимир Скрябин бэлиэтиир.
Психологическай өйөбүл 8-800-100-35-50 нүөмэрэ суукканы эргиччи үлэлиир. Улуустарга үлэлиир филиаллар тустарынан 31-91-09 уонна «122» итии лииньийэҕэ эрийэн билсиэххэ сөп.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: