Психологтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьоннорун кытта көрсөллөр

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин 3 тыһыынча киһиэхэ — быстах байыаннай хомуур кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьоннорун кытта сирэй көрсөн, сүбэ-ама биэрдэ.

Барыта 600-тэн тахса уйулҕа исписэлииһэ дьону кытта уонна «122» итии лииньийэ нөҥүө үлэлиир. Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ киин салайааччыта Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. Салайааччы бэлиэтээбитинэн, уйулҕа исписэлииһигэр наадыйааччы эр дьон уонна дьахтар  ахсаана тэҥ. Кинилэртэн үгүстэрэ быстах байыаннай хомуур кыттыылаахтара уонна ийэлэр барахсаттар.
«Сирэй көрсөн кэпсэтиэн баҕалаах үгүс. Сүрүннээн  ыҥырыллыбыт дьон ийэлэрэ уонна кэргэннэрэ. Аҕалар эмиэ долгуйаллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ биэс аҕа кэлэ сырытта. Хоту сир дьоно аймалҕаннарын, долгуйууларын үксүгэр истэригэр тута сылдьаллар,  биһиэхэ ыксаан кэлэллэр. Уопуттаах психологтар  Курашов 36 аадырыска үлэлииллэр. Уоннааҕы үлэһиттэр биһиги филиалларбытыгар улуустарга үлэлииллэр. Маны таһынан, мобилизацияҕа түбэспит дьон оҕолорун кытта ыкса үлэлиибит. Оҕолор ийэлэрин долгуйууларын, айманалларын көрө сылдьар буолан, олус чугастык ылыналлар, куттаналлар», — диэн Владимир Скрябин бэлиэтиир.
Психологическай өйөбүл 8-800-100-35-50 нүөмэрэ суукканы эргиччи үлэлиир. Улуустарга үлэлиир филиаллар тустарынан  31-91-09 уонна  «122» итии лииньийэҕэ эрийэн билсиэххэ сөп.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago