Салгыы
Психологтар кэлим чинчийиини ыытыахтара

Психологтар кэлим чинчийиини ыытыахтара

Ааптар:
11.10.2024, 15:28
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Психологтар байыастар оҕолоругар психологическай арыаллааһыҥҥа туһуламмыт кэлим чинчийиини ыытыахтара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин бу туһунан иһитиннэрдэ.

Маннык чинчийии оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору кытары үлэлэһэр  исписэлиистэргэ суолталаах, аныгы мэтэдиичэскэй рекомендациялары оҥорон таһаарарга анаан ыытыллар.

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ оҕо уонна төрөппүт сыһыаныгар, байыаннай дьайыыны кытары сыһыаннаах психологическай турук боппуруостарынан үгүстүк ыйыталаһааччылар. Научнай-практическай үөрэтии нэһилиэнньэ психологическай туругун харыстааһыҥа туһуланар, суолталаах боппуруостарга тирэҕирэр. ВЭФ-2024 СӨ Бырабыыталыстыбата федеральнай научнай психологическай киини кытары илии баттааһынынан, дойду интеллектуальнай күүстэрэ тардылыннылар», — диэн этэр Владимир Скрябин.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар психологическай көмө, өйөбүл салҕанар. Кини иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэҕэ уонна госпиталлар хайысхаларынан 340 саҥа уонна хос киирбит ыйытыынан көмө, сүбэ оҥоһуллубут. 500 тус уонна бөлөҕүнэн үлэ ыытыллыбыт.

Сүбэ-ама ылыан баҕалаахтар: 8 (4112) 31-91-09 нүөмэргэ эрийэн ыйыталаһыахтарын сөп. Байыастары уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэ босхо. Маны сэргэ: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2 эрийиэххэ сөп.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туһуламмыт үлэлэрэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина тус сүрүннээһининэн ыытыллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: