Психологтар көмөлөрө салҕанар
Олунньуга икки тыһыынчаттан тахса киһини кытары көрсөн кэпсэттилэр, сүбэ-ама биэрдилэр.
Бу саҥа дьону кытары көрсөн кэпсэтии уонна психологтар көмөлөрүгэр наадыйан өссө төгүл кэлэр дьону кытары үлэ. Биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн 2,5 тыһ. үлэ ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин бу туһунан бүгүн, кулун тутар 1 күнүгэр, иһитиннэрдэ.
—Бу байыаннай дьайыыттан кэлбиттэри кытары тута суһал көрсүһүү уонна урут кэлбиттэри кытары үлэ. Итиэннэ психологическай арыаллааһын туруктарыттан көрөн ыытыллар, — диэн этэр кини.
Байыаннай сулууспалаахтары кытары көрсүһэригэр, психологтары уонна психиатрдары бутуйалларын этэр.
—Психологтарга сүбэҕэ-амаҕа наадыйан кэлии, бу мөлтөх көстүү буолбатах, бу үчүгэй быраактыка. Психолог диэн атын исписэлиис, ыарыыны эмтээбэт, кини дьон чөл буоларыгар көмөлөһөр, — диэн быһаарар.
Ыйытыылаахтар Дьокуускайга Курашов уул. 36 №-гэр уонна улуустар филиалларыгар тиийэргитигэр сүбэлииллэр. Эбэтэр бу төлөпүөннэргэ: 8 (4112) 31-91-09, 8-800-100-35-50 эрийиэххитин сөп.
Үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина сүрүннээһининэн ыытыллар. Быһааралларынан, барыта кистэлэҥҥэ тутуллар, хос аат ылынан суруйтарыахха сөп. Арыаллааһын киһи туругуттан көрөн ыытыллар.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3389731 ааҕыахха сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: