Психологтар көмөлөрө тиһиктээхтик салҕанар
Психологтар байыастарга уонна кинилэр чугас дьонноругар көмө, өйөбүл оҥороллоро тиһиктээхтик салҕанар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ уопсайа биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн 500-тэн тахса көмөнү оҥордулар. Ол иһигэр, толору арыаллааһын иитинэн өссө төгүл сүбэ-ама биэриитэ киирэр. Бу туһунан бүгүн психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
«Бу 25 сыл тухары биһиги психологическай кииммит СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай алтыһыытын министиэристибэтигэр киирэрин, холобур, тоҕо СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга эбэтэр доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр киирбэтин туһунан ыйытыыга быһаарыы биэрдибит. Биһиги баҕалаахтары барыларын кытары үлэлэһэбит, хааччахтааһын суох», — диэн этэр Владимир Скрябин. Кииҥҥэ психологтар киһиэхэ төһө наада буоларынан, турук тупсуор диэри үлэлэһэллэрин этэр.
Көмөнү, өйөбүлү ылыахтарын баҕалаахтар бу нүөмэргэ эрийиэхтэрин сөп: 8 (4112) 31-91-09. Маны таһынан, филиаллар төлөпүөннэрин нүөмэрин ылыахтарын сөп. Маны таһынан бу нүөмэргэ эрийэн чопчулаһыахтарын эмиэ сөп: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.
Байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр, өйөбүлү оҥорор өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин үлэтэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина сүрүннээһининэн ыытыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: