Психологтар көмөлөрө тиһиктээхтик салҕанар

Share

Психологтар байыастарга уонна кинилэр чугас дьонноругар көмө, өйөбүл оҥороллоро тиһиктээхтик салҕанар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ уопсайа биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн  500-тэн тахса көмөнү оҥордулар. Ол иһигэр, толору арыаллааһын иитинэн өссө төгүл сүбэ-ама биэриитэ киирэр. Бу туһунан бүгүн психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.

«Бу 25 сыл тухары биһиги психологическай кииммит СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай алтыһыытын министиэристибэтигэр киирэрин, холобур, тоҕо СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга эбэтэр доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр киирбэтин туһунан ыйытыыга быһаарыы биэрдибит. Биһиги баҕалаахтары барыларын кытары үлэлэһэбит, хааччахтааһын суох», — диэн этэр Владимир Скрябин. Кииҥҥэ психологтар киһиэхэ төһө наада буоларынан, турук тупсуор диэри үлэлэһэллэрин этэр.

Көмөнү, өйөбүлү ылыахтарын баҕалаахтар бу нүөмэргэ эрийиэхтэрин сөп: 8 (4112) 31-91-09. Маны таһынан, филиаллар төлөпүөннэрин нүөмэрин ылыахтарын сөп. Маны таһынан бу нүөмэргэ эрийэн чопчулаһыахтарын эмиэ сөп: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.

Байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр, өйөбүлү оҥорор өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин үлэтэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина сүрүннээһининэн ыытыллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Туризм эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар анал үөрэҕи аастылар

Үлэ кыбартаалыгар икки күн устата Саха сиригэр туризм сайдыытыгар туһуламмыт үөрэх сэминээрдэрэ, маастар-кылаастар буолан аастылар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Атаарбыта буолан абыраары…

Дьокуускайга 40 саастаах киһи уулуссаҕа билбэт дьахтарын көрсөн атаарарга тылламмыт. Киэһээ хараҥаҕа кутталлаах, соҕотоҕун сылдьар…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

ОҔОЛОР СУУРКУЛУ САТААН ТУТТУБАТ БУОЛЛУЛАР

Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр суругунан литература 125 сыла бэлиэтэниэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…

5 часов ago