Салгыы
Психологтар пуорумнара саҕаланна

Психологтар пуорумнара саҕаланна

21.11.2024, 11:53
Ангелина Васильева  түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Сэтинньигэ психологтар өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнара буола турар. Ол чэрчитинэн, сэтинньи 21 күнүгэр нэһилиэнньэ уйулҕа өттүнэн доруобуйатын харыстыыр туһунан  «төгүрүк остуол» буолла.

Манна мэдиссиинэ, үөрэҕирии, быраабы харыстааһын, социальнай хайысхаларынан үлэлиир психологтар мустан, баар кыһалҕаларын, тыҥаан турар боппуруостарын кэпсэттилэр, уопуттарын үллэһиннилэр.
Москваттан, Иркутскайтан эспиэрдэр кэлэн үлэлээтилэр. Ол курдук, Москватааҕы »ФНКЦ Реаниматологии и реабилитологии» институт проректора Анна Турица, психодиагност, профайлер-эспиэр Анна Козулева сэминээрдэри ыыттылар.
Наркологическай диспансер кылаабынай бырааһа, психиатр Туйаара Решетникова тустаах биэдэмистибэлэр үлэлэрин бииргэ сүрүннээн, ыкса үлэлэһэргэ ыҥырда. 2018 сылтан невротическай ыарыылар (истириэс, депрессия) элбээбиттэрин бэлиэтээтэ. Холобур, биэнсийэҕэ тахсыы сааһа үрдээбитин кэннэ, элбэх киһи санааҕа баттаппыт, ыалдьыбыт эбит. Бу кэннэ хамсык,  байыаннай дьайыы эмиэ оруолу оонньообут. Киһи өр кэмҥэ депрессияҕа сылдьар буоллаҕына, бу ыарыыны бастаан эминэн эмтииллэр, ол эрэ кэнниттэн психолог көмөлөһөр диэтэ.

Психологтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө туһунан кэпсэттилэр. Киин »Ийэ дойдуну көмүскээччилэр» пуонданы, поликлиникалары кытта бииргэ үлэлииллэр.
Баар кыһалҕаларга нэһилиэнньэҕэ сырдатыы үлэтин, улуустарга каадырдарынан хааччыллыыны күүһүрдэргэ ыйдылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: