Салгыы
Психологтар үлэлэрэ салҕанар

Психологтар үлэлэрэ салҕанар

Ааптар:
16.01.2024, 14:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Психологтар байыастары уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэлэрэ салҕанар.

Нэдиэлэ устатыгар 330 саҥа уонна өссө төгүл хатыланан киирбит этиилэринэн үлэлэр ыытылыннылар. Маны сэргэ, 400 кэриҥэ тустаан уонна бөлөҕүнэн үлэлэр ыытылыннылар.

Үлэ уйулҕаны харыстааһыҥҥа уонна бөҕөргөтүүгэ туһуланар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ психологическай киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин бэлиэтээтэ.

«Билигин Доннааҕы Ростовка байыаннай госпитальга  уочараттаах мобильнай биригээдэ үлэлии сылдьар. Урукку курдук, манна хос үөрэммит исписэлиистэр үлэлэһэллэр«, — диир кини. Психологтар наада буоллаҕына, килийиэннэрин уонна кинилэр дьоннорун тэйиччиттэн олорон арыаллааһыннара салгыы ыытылларын бэлиэтиир.

Владимир Скрябин байыастары уонна кинилэр дьоннорун кытары үлэ сирэй көрсөн ыытылларын санатар. Үлэ психологическай кииҥҥэ:  Дьокуускайга Ойуунускай уул. 41/1, Курашов уул. 36 уонна улуустарга бары филиалларга ыытылларын иһитиннэрэр. Тустаан сүбэ-ама бэриллэр уонна араас хайысхаларынан бөлөҕүнэн үлэ эмиэ ыытыллар.

Ыйытыылаахтар маннык нүөмэрдэргэ эрийиэхтэрин сөп: 31-91-09, 8-800-100-35-50.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3383969 манна ааҕыҥ.

#байыаннайэпэрээссийэ

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: