Психология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин исписэлиистэрэ нэһилиэнньэ уйулҕатын бөҕөргөтөргө, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар социальнай-психология өҥөлөрүн сайыннарарга сэтинньигэ Алдан, Бүлүү, Нерюнгри, Орто Халыма, Өлүөхүмэ улуустарыгар көһө сылдьан үлэлиир былааннаахтар. Бу туһунан Психология киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Психология социальнай, үөрэх, мэдиссиинэ исписэлиистэригэр сэминээрдэри ыытыахтара, ону сэргэ мобильнай кризиснай сулууспа реабилитациялыыр отдела көрөр-истэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уйулҕа көмөтүн оҥоруохтара.
«Эрэгийиэҥҥэ уонна эрэгийиэн тас өттүгэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уйулҕа көмөтө былаан быһыытынан салҕанан бара турар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр уонна көһө сылдьар госпиталларга 517 саҥа уонна урукку этиилэри, көрдөһүүлэри көрдүлэр, 669 биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн үлэ ыытылынна”, —— диэн Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр аймахтарын доруобуйаларын көрүүгэ анаммыт үлэ салҕанар. Исписэлиистэр сирэй көрсөн уонна төлөпүөнүнэн сүбэ-ама биэрэллэр. Психология өрөспүүбүлүкэтээҕи кииниттэн көмө көрдүүр дьоҥҥо барыларыгар көмө толору оҥоһулларын туһунан дириэктэр бэлиэтээн эттэ.
Төлөпүөн нүөмэрэ: 8 (4112) 31-91-09. Байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэ барыта босхо уонна кистэлэҥ, 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2 эрийиэххэ сөп.
Дьон уйулҕатын харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ уонна бөҕөргөтүүгэ хайысхаламмыт үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина сүрүннээһининэн ыытыллар.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…