«Пумба»: «Кыргыһыы кэмигэр эдэрдэр тустарыгар долгуйаҕын»

«Пумба»: «Кыргыһыы кэмигэр эдэрдэр тустарыгар долгуйаҕын»

17.11.2024, 13:00
ХААРТЫСКА А.А. ЕГОРОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Икки сыллааҕыта байыаннай дьайыы саҕаламмыта, тута быстах мобилизация буолан, саха ньургуннара Аҕа дойдуларын көмүскүү туруммуттара. Ол кэннэ аны бэйэлэрин баҕаларынан элбэх киһи барбыта. Хомунуу, бэлэмнэнии, инники кирбиигэ киирии… Олор истэригэр Бүлүүттэн төрүттээх Афанасий Егоров баара. Билигин байыас Дьокуускайга ыытыллыбыт Фашизмы утарыы пуорумугар кыттан баран, дойдутугар уоппускаҕа сылдьар. Кинини кытта көрсөн, сулууспатын, байыас олоҕун туһунан кэпсэттибит.

– Байыаннай дьайыыга хайдах тиийбиккиний?

– Байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар элбэх билэр киһим, табаарыстарым барбыттара. Элбэх киһи олохторун харыстаан, атын дойдуларга көспүттэрэ. Оттон мин, туох имнэммитэ буолла, ­арааһа, дьылҕам суола тардыбыта дуу? Биир күн түүнү быһа ону толкуйдаан баран, сарсыарда ба­­йыаннай регистрацияҕа-ба­­йаҥкамаакка барбытым. 2022 сыл бэс ыйыгар анал байыаннай дьайыыга айаннаабытым.

– Дьонуҥ хайдах ылыммыттарай?

– Дьонум, ийэм Ангелина Егоровна, аҕам Афанасий Алексеевич. Бүлүүттэн төрүттээхпин. Аҕам, хомойуох иһин, билигин суох. 2015 сыллаахха Дьокуускай куоракка көһөн саха ыалын тэҥинэн олоробут. Барыам иннинэ жалюзи оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Дьоммор байыаннай дьайыыга баран эрэбин диэн эппэтэҕим. Үс ыйга хоту баахтаҕа үлэлии бардым диэбитим, онон ханна барбыппын билбэтэхтэрэ. Түөрт ый буолан баран дьоммун кытта бастакыбын сибээс­тэспитим.

– Бастакы бойобуой сүрэхтэнииҥ хайдах ааспытай?

– Бастакы күн, биллэн турар, олус ыарахан этэ. Хас да чаас тохтобула суох сүүрэ­кэлээбиппит, сылайбыппыт, илистибиппит. Саҥа тиийбит дьоҥҥо айа этэ. Бэйэм курдук баҕа өттүлэринэн барбыттар элбэхтэрэ. Биллэн турар, бастакы күннэргэ сэрии диэни билбэтэх дьон сыыһа-халты да тутталлара, сорохтор таах манна кэлбиппин дииллэрэ да баар бөҕө буол­лаҕа.  Ыксаллаах кэмнэргэ саа сэбэ-сэбиргэлэ да аккаастыыр кутталлаах түгэннэрэ баара. Киһи син түргэнник барытыгар үөрэнэр эбит. Бастаан кэлэргэ уопуттаах байыастар сүбэлэрэ-амалара, уопуттара туһалаабыта. Оттон билигин бэйэм көмөлөһө сатыыбын. Сэриигэ бары бырааттыы курдук буолар эбиккин – бары бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт, өйөһөбүт.

– Онтон туох үөрүйэхтэри ылынныҥ?

– Сулууспа олоҕо ураты – күн аайы олох иһин охсуһуу. Күүппэтэх өттүгүттэн куттал суоһааһына мэлдьи сэрэхтээх буолууну ирдиир. Буулдьа ардаҕын, дрон аннынан хайдах тыыннаах хааларга, бааһырбыт киһиэхэ бастакы көмөнү оҥорорго үөрэммитим. Бааһырбыттары кыргыһыы хонуутуттан таһаарыы эмиэ үөрүйэх киһиэхэ кыаллар. Итиэннэ дьиҥнээх саллаат олоҕор үөрэннэҕим.

– Тугу саамай ыарыр­ҕаппыккыный?

– Бастаан тиийэн баран ыарырҕаппытым диэн, дьиэ­биттэн, дьоммуттан тэйэн, уһун кэмҥэ кэпсэппэккэ сылдьыбытым буолар. Итини тэҥэ дойду ахтылҕана ханнык баҕарар киһиэхэ баар буоллаҕа. Дьонуҥ-доҕотторуҥ туһугар долгуйуу. Оттон байыаннай дьайыыга, ытыалаһыыга, окуопа олоҕор киһи түргэнник үөрэнэр. Онно, тыын тыыҥҥа харбаһар кэмҥэ, бэйэҥ тускар буолбакка, атыттар тустарыгар, чуолаан, эдэр оҕолор тустарыгар долгуйаҕын, кинилэри харыстыы сатыыгын.

– Биир эмэ өйгөр тута сылдьар түгэҥҥин кэп­­сиэҥ дуо?

– Дьиҥэ, үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэр элбэх буоллахтара. Биирдэ пехотаҕа сырыттахпытына, икки эдэр уолу биэрбиттэрэ уонна гранатомет (РПГ) ытыа­лааһыннарын позицияҕа аҕалыҥ диэн сорудахтаабыттара. Ону толоро мин, тувинец ба­­йыас уонна икки саҥа кэлбит эдэр уол буолан бардыбыт. Ол сылдьан ытыалааһыҥҥа тү­­бэстибит. Өстөөх тохтоло суох ытыалыыр, мин бу икки уолум тыын­наах эрэ хааллыннар диэн долгу­йуу бөҕө. Ыксааммыт уолаттарбытын саһыаран, хайдах, тугу гыныахтаахтарын быһаа­ран, тувин уолбун кытары иккиэн эрэ салгыы бардыбыт. Буулдьа ардаҕын быыһынан түргэн баҕайытык сорудахпытын толорон бараммыт, уолаттарбытыгар тиийбиппит. Кинилэри тыыннаахтарын булан үөрбүппүтүүн, тута санаабыт чэпчии түспүтэ.

Өссө биир маннык түгэн баар. 2022 сыллаахха бииргэ сылдьар бурят табаарыстарым төрөөбүт күммэр араас уоттарынан тыгар оонньуур массыына бэлэхтээбиттэрэ. Онтум өссө салайар пультаах этэ. Инники кирбиигэ кыргыһыы кэмигэр хантан булбуттара эбитэ буол­ла.

– Байыаннай дьайыыга сылдьан баран олоҕу көрүүҥ уларыйда дуо?

– Уларыйан бөҕө буоллаҕа дии. Олоҕу көрүүҥ, сыаннастарыҥ уларыйаллар эбит. Таҥараҕа, Айыыларга итэҕэ­йэр буолаҕын. Дойду тыына диэн баарын өйдүүгүн. Анараа киһи киһиэхэ атын, гражданка олоҕо атын. Инники кирбиигэ хас биирдии киһи олоҕо күндү, ким даҕаны атын киһи туһунан куһаҕаны саҥарбат, бары быраат­тыы курдукпут, бэ­­йэ-бэйэбитигэр көмөлөһө сылдьабыт. Биир иһиттэн аһаан-­сиэн, окуо­паҕа сытан, биир өлүүгэ сылдьан хайдах этиһэ-охсуһа сылдьыаххыный, суох буол­лаҕа.

– Гуманитарнай көмө эһиэхэ төһө тиийэрий?

– Саха сирин көмөтө олус улахан. Өрөспүүбүлүкэ көмөтө нэдиэлэ аайы тиийэр: ас-таҥас, туттар мал-сал, тиэхиньикэ. Мин, бары бойобуой доҕотторум ааттыттан Саха сирин олохтоохторугар, волонтердарга, улахан махталбын тиэрдэбин. Эдьиийдэрбит, ийэлэрбит, эбээлэрбит маскировочнай сиэккэ, байыаннай таҥас тигэн ыыталлара олус наадалаах, туһалаах. Үтүө санаалаах, амарах дууһалаах дойдубут дьоно илиилэрин сылааһын иҥэрэн, тигэн ыыппыт таҥастара харыс­тыыр, араҥаччылыыр курдук.

– Позывнойуҥ «Пумба» диэн эбит, тоҕо ити ааты ылынныҥ?

– Ити ааты ылыныым кыра устуоруйалаах. Байыастар үгүстүк төрүттэрин аатын ылыналлар. Оттон мин «Пумба» диэммин. Бастаан пехотаҕа гранотометчигынан сылдьыбытым, онно көмөлөһөөччү уолум Тимоха диэн аат­таах этэ. Кинини Тимон  диэн ыҥыраллара. Биһиги пааранан мэлдьи икки буолан сылдьарбытын иһин, мультик дьоруойдарын курдук, «Тимон» уонна «Пумба» диэн ааттаабыттара. «Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэринэн, Сибэтиэй Георгий төрдүс ис­­тиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмытым.

+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
17 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: