Пуонда филиала байыаннай дьайыы кыттыылааҕар үлэ буларга көмөлөстө

Share

«Защитники Отечества»  судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиала   байыаннай дьайыы кыттыылааҕар үлэ буларга көмөлөстө.

Иннокентий В.  байыаннай дьайыыга   2022 сыл балаҕан ыйыттан 2023 сыл бэс ыйыгар  диэри  анал этэрээккэ  сылдьыбыта. Хантараага бүппүтүн кэннэ дойдутугар кэлбитэ.

Бэтэрээн судаарыстыбаннай пуонда филиалыгар үлэ  боппуруоһунан  сэтинньи бүтүүтэ кэлэ сылдьыбыта.  Киниэхэ анал социальнай координаторы анаабыттара.  Иннокентий байыаннай дьайыыга барыан иннинэ операторынан үлэлээбит буолан,  хочуолунайга үлэлиир санаалааҕын туһунан эппитэ.

Филиал социальнай координатора   Елена Бережнова байыаннай дьайыы кыттыылааҕын сайаапкатын ылан,  куораттааҕы дьарыктаах буолуу управлениетын  «Моя работа» офиһыгар регистрациялаабыта. Бу кэннэ номнуо ахсынньы  8 күнүгэр   Иннокентий В. хочуолунайга  машиниһынан (оператор) үлэлии киирбитэ.

«Билигин мин хочуолунайга үлэлии сылдьабын. Миэхэ түргэнник көмөлөспүттэригэр махтанабын.  Өссө разрядпын үрдэтэр курдук үөрэтэргэ этии киллэрдилэр»,–  диэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕа санаатын үллэһиннэ.

Иннокентий социальнай координатора Елена Бережнова бэлиэтээбитинэн, филиалга   чопчу боппуруостары быһаартараары элбэх этии, сайабылыанньа киирэр эбит.  «Биһиги бэтэрээннэрбит боппуруостара түргэнник быһаарыллалларыттан үөрэбит», —  диэн эбэн эттэ кини.

Санатан эттэххэ,  Саха сиригэр уонна да атын эрэгийиэннэргэ  «Защитники Отечества» пуонда филиаллара үлэлииллэр. Бу пуонда дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин ыйааҕынан тэриллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago