Салгыы
Пуорум кыттыылаахтарын узбек ыччаттара босхо эбиэттэттилэр

Пуорум кыттыылаахтарын узбек ыччаттара босхо эбиэттэттилэр

04.11.2022, 14:21
Бөлөххө киир:

Уһук Илин уокурук сэттэ эрэгийиэнин түмпүт «Саха сирэ сомоҕолуур. Ыччат — омук кэскилэ» пуорум РФ Бэрэсидьиэнин кыайыылаах бырайыагын икки күннээх дьыалабыай көрсүһүүлэрэ олус тэрээһиннээхтик ыытылла турарын пуорум кыттыылаахтара киэн тутта бэлиэтииллэр.

Кыттааччылар тэрээһин ис хоһоонун, ыытыллар хаамыытын олус биһирээтилэр. Ол курдук, ыччаттары кытта кэпсэтии «аһаҕас микрофон» форматынан ыытыллан, ыччат болҕомтотун тута тарта, кэпсэтиигэ көҕүлээтэ. Хас биирдии түһүмэх дакылаат курдук буолбакка, санааны хото атастаһыыга тиэрдэр гына ыытыллыбыта, хайҕабыллаах суол.
Өссө биир түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох. Пуорум икки күнүн устата Узбекистан Өрөспүүбүлүкэтин Саха сиринээҕи Национальнай култуурунай общинатын ыччаттара бэрт минньигэс плову астаан, пуорум кыттыылаахтарын босхо эбиэттэттилэр.

Инньэ гынан ыччаттар бириэмэлэрин сүтэрбэккэ, миэстэтигэр үссэнэн, бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Бу туһунан Нам улууһун сирэйдиир Намнааҕы педкэллиэс устудьуоннара уонна араас омук ыччаттара санааларын үллэһиннилэр.
Бу чааска омуктар өйдөһүүлэригэр анаммыт «төгүрүк остуол» саҕаланна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: