Тохсус уочараттаах Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет куорпуһун былаһааккатыгар ыытылынна. Быйылгы пуорум сүрүн тиэмэтэ – «Уһук Илин-2030. Күүспүтүн түмүөххэ, саҥа кыахтары арыйыахха».
Быйылгы тэрээһиҥҥэ Саха сирэ 160 млрд солк. суумалаах 25 инвестиционнай бырайыактарга илии баттаһары былаанныыр. Өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар эрэгийиэннэр уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһии таһынан, ыччаты тардыы, бырамыысыланнай эбийиэктэри тутуу, сибээс, аныгы технология, инфраструктурнай, креативнай индустрия бырайыактарын сайыннарыы, эрэгийиэннэр икки ардыларыгар сыһыаны үрдэтии киирдилэр.
«Пуорум кэмигэр 5,4 трлн солк. уопсай суумаҕа 258 сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу аан дойдутааҕы былаһааккатын устуоруйаҕа саамай үрдүк көрдөрүүтэ буолар», – диэн дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев пуорум түмүктэрин таһаарыыга иһитиннэрдэ.
Пуорум бастакы күнүгэр «Уһук Илин уулуссата» диэн үгэс буолбут быыстапка аһылынна. Манна пуорум кыттыылаахтарыгар Саха сирин павильона хоту сирин куйаас сайыныгар ананна. Ол курдук, Саха сирэ бэйэтин култуурунай бырагырааматын көрдөрдө, инвестиционнай уонна ураты туристическай бырайыактарын сырдатта. Оттон павильон киин эбийиэгинэн Алтан сэргэ буолла. «Саха сирин павильона куйаас сайын тиэмэтигэр ананар уонна үс зонаҕа арахсар: инвестиционнай, туристическай уонна патриотическай. Манна ыалдьыттар олус кэрэхсээн сылдьаллар, ону таһынан VR-ачыкы көмөтүнэн ирбэт тоҥ саарыстыбатын кытта билсэллэр», — диэн Саха сиринээҕи Конгресс-киинин кылаабынай исписэлииһэ Кристина Жиркова кэпсээтэ.
Павильоҥҥа Саха сирин инвестиционнай бырайыактарын билиһиннэрии буолла. Олор ортолоругар Жатайдааҕы суудуна верфэтин сайыннарыы, Найбатааҕы муора пуордун тутуута, о.д.а. бааллар. Ону сэргэ быыстапка зонатыгар ювелирнай уонна сувенирнай бородууксуйалары, эрэгийиэн брендтэрин билиһиннэрдилэр. Култуурунай бырагыраамата Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананан, тыл этээччилэр ахсааныгар өрөспүүбүлүкэ ускуустубатын эйгэтигэр династиялар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Быйыл бырайыактар хайысхалара киэҥ – норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһииттэн саҕалаан ыччаты тардыы, бырамыысыланнай эбийиэктэри тутуу, сибээс, аныгы технология, инфраструктурнай, креативнай индустрия бырайыактарын сайыннарыы, эрэгийиэннэр икки ардыларыгар сыһыаны үрдэтиигэ тиийэ. Ол курдук, бастакы күҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев Амурскай уобалас губернатора Василий Орловы кытары атыы-эргиэн, экэнэмиичэскэй, научнай-тиэхиньиичэскэй уонна култуурунай бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиини олоххо киллэриигэ боротокуолга илии баттаатылар. Бастакы докумуон кэннэ «Билии» Арассыыйа уопсастыбатын кытта Саха сирин нэһилиэнньэтин научнай, үөрэҕирии уонна култуурунай таһымын үрдэтиигэ научнай-сырдатар үлэҕэ, «Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин кытары Уһук Илиҥҥэ уонна Саха сиригэр эдэр каадырдары тардыыга сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр. Пуорум иккис күнүгэр Айсен Николаев РФ Билимин уонна үрдүк үөрэҕин миниистирэ Валерий Фалькову кытта көрсөн, Дьокуускай куоракка үрдүк үөрэх кыһалар икки ардыларынааҕы кампус тутуутун тула кэпсэттилэр. Миниистир бырайыагы өйөөтө уонна инникилээҕин эттэ.
Пуорумҥа Саха сирин биир ураты тэрээһининэн телемост көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ түөрт сэлиэнньэтигэр саҥа гибриднэй энерго-эбийиэктэр холбонуулара буолла. Уопсайа 3,7 МВт кыамталаах автоматизированнай гибриднэй энерго-комплекстар (АГЭК) Өлүөхүмэ оройуонун Урицкайыгар, Дабааныгар, Саҥыйахтааҕар, Томпо Тополинайыгар үлэлээтилэр. Бу хас биирдии энерго-комплекс үрдүкү көдьүүстээх дизельнэй уонна күн күүһүнэн үлэлиир электростанцияларынан хааччыллар. Итини таһынан, «РусГидро» хампаанньа уонна СӨ Бырабыыталыстыбата Өймөкөөн оройуонун Уус Ньара бөһүөлэгин итиинэн хааччыйар ситими саҥардыахтара. Ити курдук, Өймөкөөҥҥө сөбүлэһии иитинэн саахалланар туруктаах «Квартальнай» хочуолунайы саҥардыахтара, ититэр саҥа ситимнэрэ баар буолуохтара. Манан инвестицияны тардыы, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олохторун уйгутун тупсарыыга үлэлэр салҕаннылар. 2021-2025 сылларга Саха сиригэр гаастааһын уонна гааһынан хааччыйыы сайдар бырагырааматын чэрчитинэн, «Сибиир күүһэ» гаас турбата ааһар Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа 28 нэһилиэнньэлээх пууна гааһынан хааччыллар буолла. Гааһынан хааччыйыыга 2026-2030 сылларга саҥа бырагыраама оҥоһуллуоҕа. Алдаҥҥа баар Кураанахтааҕы көмүһү хостуур фабриканы кэҥэтэр, саҥардар боппуруоһу дьүүллэһии түмүгүнэн, «Полюс Алдан» хампаанньа 2028 сыл кэнниттэн көмүһү хостооһуҥҥа Арассыыйа үрдүнэн иккис миэстэҕэ тахсара уонна көмүһү суурайыыга аан дойду лиидэрдэрин ортолоругар киирэрэ күүтүллэрэ эрэннэрдэ. Хампаанньа 2025 сылга Кураанахтааҕы фабрика хайа боруодатын оҥорорун 7,5 мөл. туоннаҕа диэри улаатыннарары былааннаата.
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…