Бу күннэргэ национальнай-култуурунай түмсүүлэр “Норуот үгэһин харыстааһын ийэ эрэллээх илиитигэр” норуоттар икки ардыларынааҕы иккис пуорумнара буолла.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр киин куоракка олорор араас омук бэрэстэбиитэллэрэ, айымньылаах үлэлэрин уонна дьиэ кэргэннэрин уйгулаах олоҕун тэҥҥэ дьүөрэлээн, кэскиллэрин — ыччаттарын иитэ-такайа сылдьар ийэлэр муһуннулар.
Тэрээһин икки түһүмэхтээх – дьыалабыай пуорум уонна омук үгэһин сирэйдиир национальнай куукунаны билиһиннэрии.
Манна көһүннэ — омугуттан тутулуга суох ийэ дьиэ кэргэнин өрүү араҥаччылыыр, тапталынан угуттуур, айарга-тутарга көҕүлүүр айылгылааҕа.
Олоххо көхтөөх дьахталлар пуорумҥа национальнай-култуурунай түмсүүлэр үлэлэригэр дьахтар оруолун, омук куукунатын үгэһин туһунан санааларын атастастылар.
Кэпсэтии түмүгүнэн ийэлэр норуот төрүт тылын, этническэй култууратын сайыннарыыга туһуламмыт үлэни сүрүннүүр Национальнай-култуурунай түмсүүлэр дьахталларын сэбиэтин тэрийдилэр.
2024 сылга “Эбэлэрбит ырысыаптара” кинигэни бэлэмнээн таһаарыахтара. Маныаха араас омук ийэлэрэ тэрийбит национальнай куукуналарын быыстапката төһүү буолла.
Хаһан да буоларын курдук, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ас-үөл арааһын тэлгэтэн кэбиспиттэр. Айылҕа дьоно буолан, астара барыта — бэйэ этэ-үүтэ, балыга, ото, үүнээйитэ.
Эдьигээнтэн сылдьар Ил Эйгэ Дойду Аана- Алгыстаана хоту дойду аһын арааһын билиһиннэрдэ.
Ыстаадаттан ыстаадаҕа сылдьар буолан, табаһыттар астарын сүрүннээн хатараллар эбит. Ол курдук, хаппыт эти укта сылдьан үссэнэллэр, балыктарын бороһуок оҥостон мииннииллэр. Маннык ас арааһа быыстапкаҕа турда.
Хоту улуустан сылдьар ийэлэр бэйэлэрин төрүт норуоттарын аһын-үөлүн — балыктан куска тиийэ аҕалбыттар.
Үөһээ Халыматааҕы Василий Дьячков аатынан аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар көһө сылдьар аҕа ууһун түмсүүтүн салайааччыта, “Северянка” Хотугу уонна Арктика улуустарын түмэр дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта Татьяна Сивцева санаатын бу курдук үллэһиннэ:
Ити курдук, хоту сир ийэлэрэ “Норуот үгэһин харыстааһын ийэ эрэллээх илиитигэр” норуоттар икки ардыларынааҕы иккис пуорумнарыгар көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин бэрт үгүс киһини түмтэ, сомоҕолоото.
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…
Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…
Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…