Сыл аайы бэс ыйын 6 күнүгэр нуучча литературатыгар сүдү кылааты киллэрбит улуу бэйиэт Александр Пушкин төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр. 2011 сыллаахха Арассыыйа бэрэсиэдьиэнэ Владимир Путин бэс ыйын 6 күнүн Нуучча тылын күнүнэн ааҕар туһунан Ыйааҕа тахсыбыта.
Чаҕылхай бэйиэт Александр Сергеевич Пушкин аата нуучча литературнай тылын төрүттээччинэн ааҕыллар, айымньылара омугуттан, сааһыттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох араас көлүөнэҕэ ааҕыллан, аан дойду норуоттарын тылларыгар тылбаастанан кэллилэр, кини улуу талааныгар сүгүрүйээччи ахсаана сөҕүрээбэт. Арассыыйа бары норуоттарыгар кини айымньылара үйэлэри уҥуордаан, Пушкин мэлдьи биһигини кытта баар.
Кырачаан саастаахтарбыт үчүгэйдик тыллана да иликтэриттэн, суруйааччы оҕолорго анаабыт “Сказка о царе Салтане”, “Сказка о рыбаке и рыбке”, “Сказка о мертвой царевне” уо.д.а остуоруйаларыгар улааттахтара. Пушкин “Нуучча олоҕун энциклопедиятынан” ааттаммыт “Евгений Онегин” арамаанын Татьяната кыыс-дьахтар үҥэр идеалын дьиҥнээх уобараһа буолан, баччааҥҥа диэри уостан түспэккэ ааттанар.
“У лукоморья дуб зеленый”, “Я помню чудное мгновенье”,”Любви надежды тихой славы”,”Во глубине сибирских руд” хоһооннорун устуруокаларын үгүс дьон билигин даҕаны өйтөн ааҕан барар, «Саатар Пушкин хоһоонун билэр инигин?» диэн этиини элбэхтик истиэххэ сөп.
Саха норуотугар Пушкин “ Былыт” хоһоонун сахалыы тылынан бастакынан П.А.Ойуунускай тылбаастаабыта. 1949 сыллааха А.С.Пушкин айымьыларын саамай улахан хомуурунньуга сахалыы “Талыллыбыт айымньылар” кинигэ бэчээттэммитэ. Тылбааска саха биллэр суруйааччылара Күннүк Уурастыыран ,Эллэй, Илья Чаҕылҕан, Сэмэн Данилов, Дьуон Дьаҥылы, В. Чиряев уо.д.а. тылбаастаммыт үлэлэрэ киирбиттэрэ. Бэйиэт Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы Пушкин аатырбыт “Евгений Онегин” айымньытын сахалыы саҥардан улахан биһирэбили ылбыта.
Билиҥҥи кэмҥэ бэйэтин айар үлэтинэн саха норуотун тапталын, билиниитин ылбыт норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа тылбааска ылсыыта Александр Пушкин хоһоонуттан саҕаламмыта.
«Я помню чудное мгновенье:
Предо мной явилась ты,
Как мимолетное виденье,
Как гений чистой красоты…”
“Өйдүүбүн ол күлүм түгэни:
Аан бастаан эйигин көрбүппүн.
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин…” диэн тыллардаах тылбаас хоһоон саха ааҕааччытын мэлдьитин абылыыр.
Бу күннэргэ улуу бэйиэт А.С.Пушкин 2024 сылга төрөөбүтэ 225 сааһын көрсө, сүдү талааныгар сүгүрүйэр,өлбөт сүппэт айымньыларын ааҕыыга интэриэһи тардар сыаллаах Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ Хаҥаластааҕы салаата ыыппыт “ Пушкин аата хас биирдии дьиэҕэ…” диэн аахсыйатыгар суолта биэрэн, хаартысканан кыттыбыт дьоҥҥо махтанабын. Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү оҥорор кииҥҥэ (сал.Алексеева М.В.) иитээччилэр А.А.Герасимоваҕа, О.Н.Семеноваҕа, З.Д.Аргуноваҕа, М.К. Васильеваҕа, Таатта улууһун Ытык-Күөл И.А.Аргунов аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр С.В.Ефремоваҕа, Т.И.Павловаҕа махтанан, нуучча тылыгар муҥура биллибэт, түгэҕэ көстүбэт киэҥ аартыгы арыйбыт,үтүө иэйиилэри лиирэнэн уйгуурдан,кэрэни кэскиллээбит, үтүөнү үйэтиппит, өлбөт-сүппэт айымньылары хаалларбыт улуу Пушкин аата хас биирдиибит сүрэҕэр мэлдьи баар буола туруоҕа диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
“Здравствуй, племя,младое, незнакомое” диэн үүнэр ыччакка эҕэрдэ тэҥэ анаабыт тыллара билиҥҥи көлүөнэ ааҕааччыга үтүө илдьит буолан, улуу Пушкин аата хас биирдиибитигэр ааттана туруохтун!
М.НИКОЛАЕВА, бибилэтиэкэр
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…