Пушкин автографтарын, уруһуйдарын көрдөрүүгэ туруоруохтара
Быйыл нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын туолар. Санкт-Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум (ПМЭФ) култуураҕа бэстибээлигэр Пушкин үбүлүөйүн сырдатыахтара. Пуорум былаһааккатыгар кини автографтара, 1817 сыллаах уруһуйдара көрдөрүүгэ туруохтара диэн ТАСС иһитиннэрэр.
Бэс ыйын 4 күнүгэр ПМЭФ култуураҕа бэстибээлэ аһыллыаҕа. Бэстибээл сүрүн тэрээһининэн Дворцовай болуоссакка кэнсиэр буолуоҕа, онно ыҥырыылаах ыалдьытынан РФ үтүөлээх артыыһа Вячеслав Бутусов кыттыаҕа.
Маны тэҥэ, Санкт-Петербург Судаарыстыбаннай академическай капеллатыгар «Русская фортепианная школа. Мастера и наше будущее» кэнсиэр буолуоҕа. Бэстибээлгэ олус элбэх тэрээһиннэр — кэнсиэртэр, быыстапкалар, маастар-кылаастар, сэминээрдэр былааннаммыттар.
Онтон улуу Пушкин сүгүрүйээччилэрэ бэйиэт эт илиитинэн суруйбут автографтарын уонна уруһуйдарын көрөр кыахтаныахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: