ПУШКИН БАСТЫҤ ТЫЛБААСТАРА, ОЙУУНУСКАЙ СҮГҮРҮЙЭЭЧЧИЛЭРЭ, ИВАН МИГАЛКИН ТИҺЭХ ХОҺООННОРО, НИКОЛАЙ КУРИЛОВ «УБАЙЫН КУЛГААҔА» …
Сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр:
— Нуучча чулуу суруйааччыта Александр Пушкин евразиец этэ дуо?
— Пушкин айымньыларын Былатыан Ойуунускай, Иван Арбита, Феоктист Софронов уо.д.а. бастыҥ тылбаастара,
— Норуот суруйааччыта Куорсуннаах Ойуунускайга бар дьон тапталын кэрэһилиир «Нааста — «таҥара кийиитэ»», «Маҥан кыыс» эсселэрэ,
— Айанньыт Ленини эһэ оҥостубут тулаайах уол дьылҕатын дьүһүйэр «Эр бэрдэ бүдүрүйбэт…» сэһэнин бүтүүтэ,
— Амматтан төрүттээх Михаил Жирков «Дойду ахтылҕана» кэпсээнин дьоруойун иннигэр куорат толору хааччыллыылаах түөрт эркинин кыараҕас иитигэр хаайтарыы эбэтэр тыа сирин киэҥ көҥүлүгэр көтүү кыһалҕата тириир…
— Суоһааны «Ойуунускай оонньуута» поэматыгар айааччы уонна айымньы улуу куйаардара дьэрэкээн кустук өҥүнэн дьирбинньиктэнэр…
— Вячеслав Хон саҥа хоһоонноругар Чочур Мыраан бэргэһэтэ уонна суор сэһэнэ хоһуйуллар,
— Саха сиригэр бүттүүн спорт хамсааһынын саҕалаабыт Николай Тарскай туһунан Александр Жирков көрүүлэрэ,
— Кыраайы үөрэтээччи Татьяна Андросова «Бар дьоно Луохтуур Кириисэ диэн ааттаабыта» ыстатыйатыгар өрөбөлүүссүйэ уонна гражданскай сэрии саҕанааҕы саха интеллигенин дьылҕата,
— «ХХ үйэ бастакы аҥаарын арыйан көрдөрөр уус-уран тыл мэҥэ өйдөбүнньүк болотуналара» диэн бэлиэтиир литература кириитигэ Ольга Макарова норуот суруйааччыта Куорсуннаах прозатын,
— 70 сааһын туолаары сылдьан бу орто дойдуттан суох буолбут норуот поэта Иван Мигалкин бүтэһик хоһоонноругар туох туһунан хоһуйарый?
— Ону тэҥэ Иван Мигалкин аҕа көлүөнэ суруйааччылар тустарынан истиҥ ахтыыларыттан быһа тардыылар,
— Поэт Умсуура «Саха бастакы дьахтар поэта» ыстатыйатыгар ким туһунан суруйарый?
— «Оҕоҕун кытта аах» бырайыак чэрчитинэн норуот худуоһунньуга, юкагир суруйааччыта Николай Курилов «Убайым «кулгааҕа»» диэн аптаах кэпсээннэрэ.
Алгыһы кытта «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: